Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэл. айар талааннаах дьиэ кэргэнэ - Мария, Станислав Ивановтар
ฝัง
- เผยแพร่เมื่อ 29 ธ.ค. 2024
- Арассыыйаҕа култуура үлэһитин күнүгэр дьоһун ситиһии тосхойдо. Д.Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтин фольклорга исписэлииһэ Мария Иванова кэргэнинээн - Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын методиһа Станислав Ивановтуун Санкт-Петербург куоракка кулун тутар 25 күнүгэр - култуура идэлээх куннэригэр сыллата ыытыллар өрөгөйдөөх тэрээһиҥҥэ -бүтүн Россиятааҕы култуура үлэһиттэрин сойууһун сүүмэрдээһинин ааһан, Арассыыйа Бастыҥ айымньылаах дьиэ кэргэнэ ахсааннарыгар хапсан «За выдающийся вклад в развитие отечественной культуры и в ознаменование Года Семьи и Дня работникам культуры» Бочуоттаах грамотанан наҕараадаланнылар. Наҕарааданы туттарда Россиятааҕы култуура үлэһиттэрин сойууһун бэрэссэдээтэлэ Анатолий Николаевич Константинов.
Айымньылаах, эдэр, кэскиллээх дьиэ кэргэн: "Саха сиринээҕи култуура үлэһиттэрин сойууһун бэрэссэдээтэлигэр Захар Николаевич НИКИТИҤҤЭ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгар Дмитрий Иванович ТИХОНОВКА, Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга салалтатын салайаачытыгар Анна Руслановна ИСАКОВАҔА, «Майа сэлиэнньэтэ» тыа сирин түөлбэтин баһылыгар Алексей Иннокентьевич НЕУСТРОЕВКА, Д. Ф. Ходулов аат. норуот айымньытын дьиэтин дириэктэригэр Екатерина Петровна ЕФРЕМОВАҔА, бары доҕотторбутугар тирэхтээх эрэлгит, улахан өйөбүлгүт иһин барҕа махталбытын биллэрэбит! Үлэнэн уруйу туойан, Сахабыт сирин саргылаах сарсыҥҥытын салайса туруҥ", - диэн махтал тылларын тиэрдэллэр.