Мне понравился песня,и второго гитариста узнал,он говорил про казах,что уважает их.Моих отца и деда казахи тоже уважали,когда отец жил на правой бережье волге жил,он был среди русских и казах,я тоже уважаю казах.
Было такое в 90е.. Их освистала местная публика в деревне.. Крики- Саша свое включай!😂😂😂, но потом, все было хорошо, дискач и концерты прошли на ура- с крайнего севера " Саша"
2023 истэр буоллаххына 👍 Байбал олох дууьаны таарыйар ырыалардаах, Махтабыл!
Наьаа учугэй концерт. Байбал маладьыас, айар улэн сайдан истиц, дьиэ кэргэццэр ба5арыам этэ уьун иллээх оло5у, Дьолу-уерууну🙌🙌🙌🙌
Живой звук, живая музыка, потрясающий голос, как это прекрасно и душевно!!! Обожаю голос Павла Семенова😍🙌🙌🙌
Баархат куоластаах Байбал. Киhи кутун сурун тутар, бэрт да концерт.
Дьэ дьиннээх комус куолас! Байбал Сэмэнэп ыллыырын о5о эрдэхпиттэн собулээн истэбин!👍
Байбал махтал эн бааргар, эн ыраас иэйиилээх ырыаларыҥ мэлдьи дуорааһыйа турдуннар Саха сирин үрдүнэн, Сахалыы тыыны, сайар салгыны иһийэ ириэрэ турдуннар,
Махтал! Сөбүлүүр ырыалар биир саапыска бааллар!
Байбал, өссө да элбэх ырыата суруй уонна биһигини үөрдэ тур!
Оо Байбал саха эстрадатын бастыц ырыаьыта, отой кини ыллыырын иьиттэхпинэ халлаацца котобун 😂😚💖
Байбал наьаа Учугэй Баай кэрэ Куоластаах,сахалыы куттаах ырыаьыт-Музыката Олус Учугэй.Кытаат Айа-тута Сахан Норуотун Утуе ,Кэрэ Ырыаларгынан- Уердэ Кынаттыы,сырыт.Ырыаларын бары Утуелэр,кэрэлэр.Кун Сиригэр Баар бары Утуену Ситиьиилэри,Доруобуйаны,Уьун Дьоллоох Ологу!
Наhаа учугэйдик суруйбуккун Булуулэртэн Уруй Айхал
Астык да концерт, тэннэ ыллаhан дуоhуйдум, махтал Байбалга, мэлдьи айымньын кынаттаах буоллун.
Байбал сахаларга биир бастын ырыаьыт, олох киьи сурэ5ин ортотунан киирэр 💖
Beautiful music! It looks like Roger Hodgson from Sakha
😂😂
Лучший, Душевные песни, Отличный формат мини концерта, Живая музыка, Супер!
дии
Бүтэй Бүлүү уола Байбалга Мэҥэ уолуттан Бообуктан махтал. Ыарыаларын сүдү күүстээхтэр . Саха буоларгын санаталлар.
Таптыыбын эйиигин куммэр ыйбар тэнниибин 👍👍👍💯💯💯наьаа учугэй тыллар
Бэртээхэй да ырыалар, астык да куолас👍🎶
Наһаа да истиҥ ырыалар.
Sakha Yakut music is so beautiful. Sakha music kinda reminds me Kazakh music. Love from Turkey.
Степан Семенов, Байбал, Сайсары биир аймахха диэтэххэ бары улахан талааннар☺️ Айюва ырыаларгыт хит буолан истиннэр, куелэнэттэн келуенэгэ бэриллэн истэр буолуохтара 🙌🏻
Байбал Саха киэн туттар ырыаьыта!!! Дьоьун кэнсиэр, махтал!!!
Отличный концерт!
Урукку ырыаларбыт үчүгэйдэриэн. Хата булан ыламмын көрөммүн абыраннахпыан. Бэркэ даҕаны ыллыыр. Дьиҥнээх ырыа, дьиҥнээх ырыаһыт маннык буолуохтаах. Эдэр саастарбытын санаппыккытыгар махтанабын.
Махтал, наьаа учугэй концерт, ностальгия😍😍😍
Бпйбалбыт барахсан керуех бэтэрээ иннигэр саха дьонугар аксакал буола огуста. Бабочкалаах уолаттар сибилигин бааллара😊
Хатын таhыгар туран диэн Классика буоллаза дии!!! Киhи соччо кулбэт позата дозор! Умнуман! Ноев, Степанов сазаттан, биhи ийэлэрбит-азаларбыт Романтикэ кэмнэрин.
Наьаа үчүгэй концерт, тыыннаах музыка👍🙌Булчут ырыата ис хоьооно астыгыын, Сиргэ истэ сылдьарга оьуобай👍👍👍, Уолаттарга👏👏👏 МАХТАЛ🙏
Байбал саха норуотун ырыаларын дьиннээх матыыбын , дор5ооннорун кутугар -суругэр инэринэн , онтун айан-тутан сепке тиэрдэн , дьон сурэ5ин тутар.
Махтал , айар куттаах саха биир саарына!
Мне понравился песня,и второго гитариста узнал,он говорил про казах,что уважает их.Моих отца и деда казахи тоже уважали,когда отец жил на правой бережье волге жил,он был среди русских и казах,я тоже уважаю казах.
Ис куттан кутуллан тахсар кэрэ ырыалар даҕаны доҕуһуоллуур Герасим истэ олорон таһаарар талааннаах киһи , Байбал куолаһа олус бэрт киһи сэргээн истэ олорон ыллаһыах курдук
Прекрасное музыкальное сопровождение 👍 и прекрасный звук. Спасибо 😊
Бэт ырыа байбал бэккэ ыллыыр. Тыыннаахтыы ыллыыргын истибит киһи
Иэдээн дьэ. Байбалга убаастабылым муҥура суох кыра сылдьан магнитофоҥҥа истэр этим халымаҕа онтон ыла сөбүлээбитим ырыаларын. Ырыаларын ис хоһооно үчүгэйэ ,тыллара чуолкайа киһини сөхтөрөр куолаһын этэ да барбаппын.
Олус учугэй проект👍🏼
Байбал ,ырыалара киһи дууһатын сынньатар,ис сүрэхтэн ,ис дууһаттан тахсаллар олус диэн сөбүлээн истэбин,махтал.
Байбал эн Ийэгэр Агагар махтал маннык таланнаах огону тороппуттэригэр Дом,Дом,Дом оссо да сайда, уунэ тур, Саха таланнаах уола Байбал.
Оо Байбал Байбал баай да ырыалардаах
Уйбаанчыкка анаммыт ырыа олус табыллыбыт! ))) Хоһооно хомоҕойо, дьүрүскэн доҕуһуола, туойуута толоруута бэртээхэй.
Махтал! Байбал куолаьа, ырыата сылтан сыл тупсан иьэр - астык!!
Кинини көрсө
Иван Арбита тыллара
Ол ыраах туналыйар дуоллар
Өлбөөркөй дьураалара көстөр,
Мин көтөр кынаттааҕым буоллар
Барыам этэ кинини көрсө,
Хос ырыа:
Барыам этэ төрөөбүт тыабар,
Быраһаайбын хаһыытаабакка,
Баҕалаах баламат хардыыбар,
Арахсар сорбун ытаабакка
Барыам этэ ыраах, ыраах,
Тыынар таптал ыраас тыатыгар,
Тыкаарый кыната халлааннаах,
Венера саарыстыбатыгар
Хос ырыа:
Барыам этэ төрөөбүт тыабар,
Быраһаайбын хаһыытаабакка,
Баҕалаах баламат хардыыбар,
Арахсар сорбун ытаабакка
Онно бааллар төлөннөөх түүннэр,
Күлүмүрдүүр көмүстэрэ,
Буурҕалаах санааны үүннэрэн
Кистэлэҥнэр күлүүстэрэ
Хос ырыа...
Наьаа да дууьаттан ыллыыр киьи истэн дуоьуйар,сынньанар❤️❤️❤️👍🤩
1996с "Эн эрэ" Паша Степанова Сунтаар кыыһа,мин эйиигин билигин да санаан ахтан ылабын... бастакы тапталым дьоллоох эрэ буол!...
Убайым соҕуруу сырыыбын сымнаттын. Махтал
Күн сылааһа, сырдыга,
Айылҕа кэрэ көстүүтэ,
Көтөр чыычаах ырыата,
Эдэр ыччат ырата
Хос ырыа:
Сүрэҕи үөрдэр эбит,
Сүргэни көтөҕөр эбит
Киһи кэрэ дьүһүнэ,
Ыраас сырдык дууһата,
Айар тутар талаана,
Кэрэ киэҥ санаата
Хос ырыа ...
Эдэр кыыс мичээрэ
Эйэҕэстик көрүүтэ,
Эйиигин эрэ таптыыра
Эрэнэрэ, кэтэһэрэ
Хос ырыа ...
Кимтэн да итэҕэс санаммакка,
Кистии, саһа сылдьыбакка,
Кэскилиҥ туһугар дьаныһан,
Кимэн киирсэн иһэриҥ
Хос ырыа...
Йолка биирдэ ыарабыттаах. Ырыаларгын истэн дуоhуйабын
Оо, мин бу айар киэһэҕэ сылдьыбытым🤩😍
Дьэ хата учугэй концерды булан дуоhуйа кердум.
Махтал!
Кэлэйимэ диэн ырыаны истэн былыргы тапталбын санаан дууһам уйадыйда...
Долгуйан соннук чугаһаабатаҕым, икки аҥы бардахпыт дии олох киэҥ аартыгар биир киһи муҥкук муҥутаан тапталын сатаан эппэтэҕиттэн......
За Байбала и двор стреляю в упор!
Саха уола кытаат ыллаа туой, ай элбэх ырыата
Олус дуоһуйа иһиттэхпиэн...
очень круто!
Саамай себулуур ырыаьытым Байбал Сэмэнэп, уолга ситиьиилэри,доруобуйаны багарабын,сахалар уолу харыстыагыц, киьи киэн туттар уола😍🤩👋
Биьи Сахалар киэн туттар киьибит эн Байбал👍
Наьаа дуоьуйа кердум иьиттим , ессе да ыллыы туойа тур
Ньургуйаана ньургуьун диэн ырыа наьаа да табыллыбыт 💥💯💣
Олус сэргэх кэнсиэр. Байбал куолаьа куустээх, дьин сахалыы куттаах... Дор5оон Дойду студия, Дьарааьын💯👏👏👏
Улахан МАХТАЛ!!!учугэй да ырыалар биир саамай себулуур ырыасытым буолагын олустук себулээн истэбин багарабын доруобуйаны ессе да сана ырыалары куутэбит...
Махтал👍👍👍Себулуур ырыаьытым👏👏👏
это моя лябоа😢у вас своя жизнь 🤗люблю
Олус да учугэй истэргэ, керерге ^_^
Кэлэйимэ дуу Уоран коро сылдыбыппыттан👍💯❤️
Уоран таптыы көрөөччү элбэх буолуохтаах
Э5эрдээ!) Талаана диэннэ дьо5ура ордук буолуо эбит. Дии саныыбын;)
Моя мечтв попасть на Ваш концерт😃впереди 😅
Олус истин ырыалардаах Байбал, ырыатын тылын олох чуолкайдык иьитиннэрэр.
Уунэ - сайда тур! Махтал!
Байбал ырыалара биһи көлүөнэ эдэр сааһын доҕуһуола, бэртээхэй кэнсиэр.
Түүн буолла,доҕоруом, эн утуй күүскэ,
Ааспыт үөрүүлэргин түүл гынан,
Сарсыҥҥы сардаҥа уоттарын саҕан,
Күннээҕи сылааҕын таһааран (2 төгул)
Хос ырыа:
Эн кутуҥ-сүрүҥ уһуктуо
Маннык сулустаах чуумпу түүҥҥэ,
Маннык нуурал сылаас киэһэҕэ,
Ырыа тыла ытыллан тахсыа (2 төгул)
Түүлгэр көрүөҥ дойдуҥ улуу өрүстэрин
Төрөөбүт төгүрүк түөлбэҕин,
Ыллыыр ырыам долгураҥар уйдараҥҥын
Көрүөҥ өссө билбэт сирдэргин (2төг)
Хос ырыа...
Дьэ бу дьин,нээх кэнсиэр🎉💯💯💫👏👏👏👏👏👏👏
Киьи эрэ истиэх ырыалара, кини ырыатыгар улааппыппыт, оннук курдук истэбит
Барҕа МАХТАЛ- ИВАН АРБИТА ТУЬУНАН БИЭР ИИН ИЬИН!ЫРЫАЛАРЫН БАРЫТА ОЛУС УЧУГЭЙДЭР.😊❤❤❤
Наһаа учугэй!😍😍😍
Браво браво браво браво
хос,хос кордум, дьэ талант эбит Саха Уола👏🏻👏🏻👏🏻
Твои песни все от души💯и слова от жизни, киьи ологор туттар тыллара.Молодец🔥
Голос красота❤
2022 сылга көрөр, истэр буоллаххына лайк!
Сан,агытын истэргэ астык, ыллыыр дуоргаанн,ыт киьи ис дууьатын "тардар" бэйэ буоларга🙏🙏🙏
Иван Арбитаны саамай сөбүлүүр поэтым.
Охо санаа ырыалара 👍
Бырайыак олус үчүгэй 😃 бу маннык видео таһаараргытыгар мүнүүтэнэн үллэрэргит буоллар өссө бэрт буолуо этэ😊
Иван Арбита тыллара
Аскалон Павлов матыыба
Симэхтээх оһуордаах
Сир ийэм барахсан
Сиэдэрэй дьүһүнүн,
Сэһэргиир тылларын
Анараа кытылга
Баҕалаах санаабын
Батыһан бараахтыыр
Баламат тылларын
Хос ырыа:
Мин хантан холуйан ылыамый?
Мин хантан көрдөөммүн булуомуй?
Барылыы баалланар
Балкыырдаах байҕалым
Хоргуйбут куртаҕар
Кутуллар тылларын
Хараҥа барыҥый
Күһүҥҥү түүннэргэр
Толору дэлэгэй
Дохсун уот тылларын
Хос ырыа...
Күүстээҕи кытары
Күөртэһэр кырбаһар,
Хатыһар дьаныһар
Хатыылаах тылларын
Өстөөҕүм өйүгэр
Өр кэмҥэ олорор
Өргөстөөх өһүөннээх
Өйдөөбүт тылларын
Хос ырыа:
Байбал Семёнов, Аскалон Павлов, Василий Еремеев, Дьулустан Иванов, Алексей Егоров , Иоганн Матвеев, Китджа - бу бары Булуу улууhуттан теруттээхтэр.
Эрхаан эмиэ Булуу улууhа этэ дуо?
Леон бааьынай красавчиккытын эмиэ умнуман 😁 кини эмиэ вилюйский
@@АйсСеменов ага китжа а5атын табарыьа, биир дойдулаа5а
Көмүс куолас Гаврил Николаев Үөһээ Бүлүү❤
Дороободорун. Дьиҥнээх сэнээриччэлэрг истэргэ маннык эрэ наада. Тыыннах доҕуһуолунан кэнсиэр оҥорорго кэм кэллэ бьлх. Дьон бары плюстан сылайбыт. Концертыы кэлээрин эрэ Сунтаарга
💯💯💯ты лучший
Байбал диэн киьи дууьатын табар киьи мин эмиэ агыйах ырыалар
Живой звук. 👍
👍👍👍
👍👍👍👍👍👍👍👍👍оһуобай
👍
Было такое в 90е.. Их освистала местная публика в деревне.. Крики- Саша свое включай!😂😂😂, но потом, все было хорошо, дискач и концерты прошли на ура- с крайнего севера " Саша"
😂😂
Бу барыылаах барҕа Байанай туспа запись баар дуо, бу ырыа бээтэ эрэ иһиллэрэ
2020 декабрь 26 👍👍👍Байбал олох чётко👌
👍😉✊✊
Кун аайы истэбин быъыылаах Байбал ырыаларын:)
Самай собулу истэр ырыаьытым , красава!!!
Махтал!!!👍👍👍
Дьэ мааны куолас.
Байбал наhаа истинник ыллыыр уонна ис киирбэхтик мичээрдиир.
Собулуур ырыаьытым, махтал байбал🤝
Сырыы аайы истэбин да саҥалыы истэр курдук астына,дуоһуйа истэбин,оннук киһини долгутар да өйдүүн санаалыын да сынньанабын
куоластаах бахайы эбит ди!
Махтал❤
Ким ырыата буоларын Эдьиий Марыына баарына ыйытыахха баар эбит 😏
Булчут ырыата
Алыптаах аар тайҕам ыҥыран
Аналлаах аартыкпар таҕыстым,
Аламай тылбынан ааттаһан
Алҕааммын аал уоппун аһаттым.
Арҕахтаах аарыма да буоллун,
Адаархай муостааҕыҥ да буоллун
Ардыгар сыралаах айаммар
Алҕаска табатык тайаннар
Хос ырыа:
Барҕа баай барыылаах байанай
Бараммат бааргыттан күндүлээ,
Силлиэни кытары сырсарбар
Сирдьитим буолаҥҥын элэҥнээ.
Халлааммын одуулаан ылабын...
Хара суор атаһым ханнаҕын?
Сонордьут соргулаах айаммын суоллааҥҥын батыһа дайаҕын
Булчуттуу өбүгэ сиэринэн
Булпуттан кутааҕа бэрсиэхпин
Сэгэйэн дэгэйэ сиэллэрэ
Сэргэлээх түөлбэҕэ тиийиэхпин
Хос ырыа...