Никандр Тимофеев

แชร์
ฝัง
  • เผยแพร่เมื่อ 18 พ.ย. 2024
  • Алексей Андреевич Иванов-Күндэ Платон Алексеевич Ойуунускай кэнниттэн саҥа литератураҕа тилэх баттаһа кэлбит суруйааччы.
    Күндэ олорбут олоҕо, үлэлээбит үлэтэ өр кэмҥэ сөптөөх сыанабылы ылбатаҕа. Ордук эрдэтээҥи кэмҥэ араас түҥ-таҥ сыанабыллар тахсыбыттара. Биирдиилээн кириитиктэр эрэ буолбакка, бүтүн бөлөх дьоно мөрөйдөөһүннээх этиилэрэ үөскэтэлии сылдьыбыттара
    Тимофеев Никандр Прокопьевич - Сунтаар оройуонун Кутана нэһилиэгэр 1934 с. төрөөбүтэ. Идэтинэн учуутал. Оҕону иитэр-үөрэтэр өр сыллаах үлэтигэр ситиһиилэрэ Саха Республикатын үтүөлээх учуутала, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна ааттарынан бэлиэтэммитэ.
    Спортсмен, саахыматчыт, сүүрүк, хайыһардьыт. Уус тыллаах оһуохайдьыт. 1990-с сыллартан оҕону олоҥхолуурга уһуйар.
    Республикаҕа ситиһиилээх үлэлээх бастыҥ уһуйаан быһыытынан биллэр. Саха сирин араас улуустарыгар семинардарга, олоҥхо лааҕырдарыгар сылдьан уһуйааччыларга сүбэни-аманы биэрэр, оҕолорун эрчийэр.
    «Оҕону олоҥхолуурга үөрэтии» (2009) уһуйааччыга аналлаах босуобуйа ааптара.
    Толорор олоҥхото: «Кулан Кыыртай бухатыыр»
    Худуоһунньук Иннокентий Корякин хартыыналара туттулуннулар

ความคิดเห็น • 1