Спасибо за такой качественный контент❤️ Свет, фон, звук, работа камеры все очень красиво. Так радостно, что появились такие ребята как вы. Раньше никогда не смотрела якутские видео в ютубе, но недавно нашла вас и не пропускаю ни одного видео. Неожиданно приятно слышать родную якутскую речь, а то постоянно подкасты на русском🥲
Я жила в 66 общаге в корпусе Б. И всегда ночью просыпалась от того что кто то к моей кровати подходил. Я злилась от того что это потустороннее и руглась. Материлась шепотом твердо и поаорачивалась на другой бок😂
Ити общагаларга того иннигий? Мин 17с оьщагаҕа жоско баттатар этим. 66ка атын атын отсектарга олоро сырыппытым. Олох этим тардар этэ. Олоруохпун баҕарбат этим. Ол иһин да буолуо ыксаан кэргэн тахсан көспүтүм 😅
Русские субтитры уже доступны
Ити 66-с уопсайга баар туох эрэ, уерэнэ сылдьан однокурсницам кэпсиир этэ, 9 этээскэ о5о баар диэн, оонньуохха диэн постирочнай хоско ынырар уьу😬
Ханна кэпсээммин суруйабын?😅
Кырачаан баҕайы оҕо барахсаны аһынным😔 дууһата уоскуйда ини барахсан🙏🏻 наһаа үчүгэй выпуск буолла, махтал!
Дии мин эмиэ😢😢😢
Наһаа да эрэйдэнэр эбит,үчүгэй баайы оҕо
Спасибо за такой качественный контент❤️ Свет, фон, звук, работа камеры все очень красиво. Так радостно, что появились такие ребята как вы. Раньше никогда не смотрела якутские видео в ютубе, но недавно нашла вас и не пропускаю ни одного видео. Неожиданно приятно слышать родную якутскую речь, а то постоянно подкасты на русском🥲
дэлби долгуйаммын кере-истэ олоробун, бу кэпсээн кэлэн баран дьиэбэр эмиэ ол туун баттаппытым 🙄 Уунэ сайда турдун САХА TH-cam! 🙌
Кэпсээни иhиттибит,тоойуом Боря оччого куруук ыраастана сылдьыаххын наада эбит.
Үчүгэйдик да кэпсиир уолу булбуккун, интэриэһинэй👍🏻👍🏻👍🏻 МАХТАЛ!!!
Артист идэлээх киьи кэпсиир буо
@@СветланаЧоросова-ц2й итинник артыыһы саҥа көрдүм, билбэт эбиппин.
@@СветланаЧоросова-ц2й артыыс идэтэ суох, талаан баар
Сорох түбэлтэлэргэ "Мин" диэбэккэ, "барбыппыт, гыммыппыт" диир ди, куттанным😂🥶
Аа дии👀😂 душка баран сыппыпыт диэбит курдук
Дии бэйэтин в многочисленном числе кэпсиир ди, мин эмиэ дьиктиргээтим
Мин эмиэ соьуйдум, наьаа элбэхтэ инньик диэтэ 👀
Борис олох учугэйдик кэпсиир эбит 👍🏻👍🏻
"жёстко"😅
Наһаа үчүгэй олоххо буолбут кэпсээннэри кэпсээтэ дии, ынырык интэриэһинэй👍👍, аьа5ас эттээххин быһылаах а так кырдьык дьикти ба5айы дии
«Сыттым, сыппыппытыгар «-диир, эриттэрэ эриттэрэ истэ сатаатым, вроде со5отох ол эрэн элбэх ахсааҥҥа этэр. Өссө кутталлаах буолла😅. ХАСТА ДА ЭТТЭ. БИЛИ ИЧЧИ ДИЭН КИИНЭҔЭ ООННЬООБУТА ДИ. ОЛОХ 👍киинэ
Хаста да оннук диэтэ. Мин эмиэ ойдоон иьиттим.
Били а5ыйах сыллааҕыта Сахабыт сиригэр баһаар сыла буолбута дии, ойуурбут, дьон бөҕө дьиэтэ умайан эҥин, ол сыл мин чугас доҕорум дьиэтэ умайбыта, баһаарга чугас дьоно өлбүтэ...Ол баһаар буолуон иннинэ мин ынырык дьикти түүлү түөһээбитим, арай ол түөһээтэхпэ, оскуолам иннигэр баарбын диэн түөһүүбүн. Хайдах эрэ, барыта сырдык баҕайы эҥин этэ, оскуолам олбуора сибэккилэринээн киэргэтиллибит этэ венок эҥин. Ону хаамыталаан көрөбүн уонна элбэх баҕайы дьону көрөбүн барыта билэр дьонум, ол чугас доҕорум аймахтара эҥин почти барыта уонна саамай дьиктитэ диэн бары хараҥа таҥастаах этилэр, олох настарыанньалара суох этэ. Дьиктиргии саныыбын, санаабар оскуолабын бутэрбиппин чтоли диэн санаан ылабын игин ол ардыгар. Дьэ оннук сырыттахпа чугас доҕорбун көрсөбүн, наһаа үөрэбин игин уонна бэйэтэ кини эмиэ хап хара танастаах этэ, уонна ункуугэ ыҥырар уонна этэр: - кэл үҥкүүлуеххэ, мин бу бүтэһик үҥкүү буолар аны хаһан да үҥкүүлээбэтим буолуо игин диир, ити бириэмэ5э мин ытаан киирэн барбытым онтон хайыахпыный үҥкүүлэтэ5им дии, бэйэм онно мин сырдык баҕайы муус маҥан платьелаах этим, тоҕотун Билбэппин. Үҥкүүлуу сылдьан киниттэн ыйытабын: тоҕо ити дьон бары хомойон хаалан баран уонна хап хара танастаах ити сибэккилэр быыстарыгар тула төгүрүччү туралларый? диэн, ону күлэр игин уонна этэр кими эрэ атаараллар дуу туох дуу диэбитэ ону ситэри истибэккэ хаалбытым, ол бириэмэҕэ эмискэччи багайы ырыа тыаһа улаатан киирэн барбыта. Өйдөөн көрдөхпүнэ, ол дьон ытыы ытыылар сибэкки уура тураллар этэ биир сиргэ. Утуйан туран баран наһаа да дьиктиргээбитим, уонна же күн чугас доҕорум дьиэтэ умайан чугас дьоно баһаарга былдьаммыттара...
Хартыыһаны сиэтэр жоскай эбээ эбит😂
😂
Абьюзер
Дорооболорун. Амма Эмиһигэр олоробун. Биирдэ, күһүөрү түүн 12 чаас. Кэргэним утуйа сытар, мин кофе куттан игин, компьютербын холбоон, компьютерым иннигэр олоробун. Ол олордохпо, таһырдьа туох эрэ "дуҥ-дуҥ" гынар, тыас иһиллэр. Онно мин " Ха да, бачча түүн, уһаннахтарай" диибин, оннук олордум. Онтон эмиэ тыаһаата, бу сырыыска дьиэм истиэнэтин сайталыыр курдук иһиллэр. "Тыый да, сүөһүлэр киирдилэр ду" диэн таһырдьа сүүрэн таҕыстым. Дьиэбин тула көрдүм, туох да суох. Төптөрү киирдим, компьютербар олордум уонна наушник кэттим, оонньуу холбоотум. Ол оонньуу олордохпо, аны наушник нөҥүө иһилиннэ "дуҥ -дуҥ". Хайдах хайдаҕый диэммин, эмиэ таһырдьа таҕыстым, туох да суох, чуумпу, кыра тыаллаах быһылаах этэ. Сарсынҥытыгар үлэбэр тиийдим. Кэпсэтэ олорон этэр, "бөөлүүн дүҥүр тыаһаан утутпата" диир. Соһуйа түстүм, "ээ, дүҥүр да ити" диэтим, уонна кэпсээтэҕим дии... Хайдах инник иһиллэрэ буоллар, олох сатаан өйдөөбөтпүн. Дьиэм иһигэр, наушниктаах, на полную громкость, оонньуу холбоно турар. Дьэ дьикти
Бу уол наьаа учугэйдик кэпсиир, ол гынан баран арыый кыратык бытаардара буоллар, олох оьуобай буолуо этэ👍✊
ЖЁСТКАЙ ТҮҮЛЛЭРИ ТҮҺҮҮБҮН ДИЭ!😂😂😂
ОКОШКАНАН ПОСМОТРИЛАА СЫНА ДИЭБИТ КУРДУК😂😂😂😂😂
7 кылааһы бүтэрэн баран бииргэ үөрэммит уолбут ууга былдьанан суох буолбута. Бииргэ үөрэнэр оҕолорбутун кытта баран дьиэтигэр быраһаайдаспыппыт. 9 кылааска үөрэнэ сырыттахпа саас түүһүбүн:оскуолаҕа үөһэттэн түспүт диэн, олус үөрбүт, мичилийбит уонна "маннык кэлиэххэ сөп эбит дуу, билигин наар маннык кэлэр буолуом" диэн баран оскуола иһигэр мэниктээн биэрдэ. Бу сайын үс сыл буолар суох буолбута, соторутааҕыта эмиэ кинини түүһүбүн: Оскуолабыт саҥа ремоннаах, бу буола турар бириэмэҕэ курдук, алта оҕо олоробут бары, кини бэйэтин миэстэтигэр олорон ытыыр "Ол онно ынырык куһаҕан, барсыҥ миигин кытта"дии дии, биһиги кини диэки көрбөппүт даҕаны, умса көрөн баран олоробут буруйдаах оҕолор курдук, онтон эмискэ кылааска доҕорбут сүүрэн киирдэ, ол доҕорбутун уол иһиттэн кууһан ылла уонна хаһытыы хаһытыы, ытыы ытыы барыс диир миигин кытта, мин доҕорбутун илиититтэн тутан баран тардабын бэйэм диэки, көмөлөһүҥ дии дии, олох туох да иһин ким даҕаны көмөлөспөттөр, көрбөттөр даҕаны. Ол оннук муҥнанан дьэ тардан ыллым ытыы ытыы, доҕорбут куотан таҕыста кылааспытыттан, бииргэ үөрэнээччи суох буолбут уолбут ытыы ытыы олорон хаалла оннук. Мин эмиэ ытыы ытыы таҕыстым кылаастан уонна уһуктан кэллим харахпар уулаах.
Нөмүгү килиэбэ сымнаһаҕаһа бэт ол иһин
Уол сахалыы саҥата ырааһа сүрдээх.
Могила, оказывается игин диэн нучча тылларын кыбытар ди.
@@Сақсаха Ол да буоллар эдэр уолга бэрткэ саҥарар.
Куннээ5и сонун курдук кэпсээтэ😂 Тургэн ба5айы.. кыбытык тыллара Борислав диэх курдук - "чааьа", "абыа"😂😂😂
Бэккэ кэпсиир! Ити табаарыьын туьунан кэпсээбитигэр этим тарта(мурашкаланна)
Ити Буотама туьунан кэпсээни санаатым, кыра сылдьан лаа5ырга онно хоммуппут, биир кыыспыт аьа5ас эттээх бьлх, сарылаабыта аххан, туннугунэн ким эрэ уьун баттахтаах крыша5а ыттан корон турар диэн. Эчи кутталыын, саатар аттыбытыгар дьон куулэйдии сылдьыбыттара, музыка, уот-куос. Ким да утуйбата5а куттанан.
Мин эьиэхэ биири кэпсиэм.Базар аазын базар аазыман ол бэйэзит дьыалазыт.😅..мин хас да сыл ынараа еттугэр.Санаам буттуллан куннээзи олохтон сынньаныахпын базаран.Ватсап группатыттан булан ус куннэ тур базаза сынньана барар дьону билсэн олору кытта сынньанан барар буоллум.сыаната арыый урдук ус куннэ уонтан тахса тыьынча бьлах этэ.оо турбазаза барар дьон куораттан кэллэн иьэн ыллан ааьаллар туун таарыйа миигин.ол дьоммун куутэ сыттан киинэ кере сыттан хая эрэ омук сиригэр сынньана сылдьар дьону керен.Мечтайдаан ыллым туьуннвн хоско созотозун сыттар инибин.Ванналаах игин ини ди санаан туран ис уларыттар танас уонна главная етуукпун угуннум рюкзакакпар😂.Туун ол дьонум кэлэн ылыллар куораттан сынньана баран иьэр дьон биэспит ду алтабыт ду.Дьоннортон ойуун баар уьу ди турбазаза диэн ыйыпыппар биир уьун киьини ыйан кердердулэр.Хая эрэ деревняза тиийэн хайстан туьэн уазика олорон ойуур устун иннэри таннары туьэн турбазабытыгвр бардыбыт.сана дьыл кэмнэрэ буоллан халлаан 40гр тымныы..мин созотох аза буоллан озобун эбээтигэр хаалара кэлтим ол сазана кыра буоллан озобун саныы уже ахтан бардым..Турбазабытыгар чаас анаара айанаан туун ус сазана тиийдибит.эдэр ыаллар баалар ол турбаза хаьаайыттара икки кыыс уонна бабушкалар уончабыт бьлах.хараназв олорон чэйдээтибит билиситибит кыратык.уонна уутээн курдук дьиэзэ таьаараннар манна утуйун оьохутун отоорун диэтилэр тыбыс тымныы мин санаабар.тимир оьох турар ону мин оттоон мачайдастым умайан испэт ону ура сатаан харахпар буруо киирэн тумнаста тумнаста син отуннум .мас нааоа ороннор баалар онно оннук маннык танастар бапларын буруннэн бабушкалары кытта атахтаьан утуйа сатаатым да оьозум умайан буттэзинэ тымныйар ону туран Оттобун саатар созотох эр киьибин ол сынньана кэлбит туристартан.сарсыада эрдэ турун чэйдии диэбитэригэр туран былыргы умываника анныгар солукур турар онно тииспин сирэйбин урдуннэн аныннан сууна туран.кулэ санаатым били харахпар онорон мечтайдаан кербуппун санаан ванналанах туьуннан хоско сыттыам халат кэтэн баран креслоза вино иьэ иьэ тиэрэ туьэ сытарбын санаан киинэзэ кертум курдук😂.тахсан чэйдээн баран ханна эрэ ыраах сатыы ытык маска бардыбыт онно база санаазын этэзин ол ытык маска оччозо санаан туолар игин диилэр.мин танаьым чараас буоллан суорзаннары булан олору эриннэн буруннэн баран ол дьону кэниттэн батыьабын 45игин гр тымныы.ол Ытык маска тиийэн дьон санаатын этэр ..Мин эмиэ база санаабын илиибинэн ол Ытык маьы тутан туран эттим испэр сибигинэйэн..Отто киэьэ ойуумут дунурдэнэр биир чаас курдук онно хараназв олорозун хараххытын симин диир.дьоннор транс киирэн туран экирииллэр ытыылвр.миэхэ туох да биллибэт .хата дунур тыаьа астык эбит киьи этин сааьыннан киирэр курдук.аьыоыктара учугэй былыргы мин эбэм баахылатын курдук сахаалыы баахыла дьааьыкка турар .онтон ыллвн чэйи кытта сии сии оьохпун бэрэлиибин мас хайыттан киллэрэн оттобун эбэбин...испэр бэйэбин мезуттэбин турист хренов бачча тымныыга сынньана кэлээчи буолан улуйэн да сеп буоллум ди диэн😂..бабушкалар уонна икки эдэр кыыс баар олортон биир кыыс кэлэн эн ыалгын или билсэр кыыстахын дуо?.диэбитин ааьа ыалбын диэтим...Дьинэр билсиэхэ да баара.ол курдук ус кун хааиан онно манна ойуурга баран кэлэбит кунус .талант арыйар мас баар онно бара сырыттыбыт да мин тугу да эппэтим ол маспар улту тонон теттеру уутэмитигэр барарбын эрэ саныы турдум😂.уутэмэр тиийэн эмиэ оьохпун бэрэлиибин...ол курдук ус кун ааьан тарзастыбыт бары билсэн тел игин кэпсэтиэх игин буолбуппут да кэпсэпэтибин оннук ааьан умнуллан буттэ дьиэбэр кэлээппин....Мин ини хас да сыл ааспытын кэннэ санаан кэллим...ол Ытык маска эппит база санаам уксэ туолла .базар совпадения буоллуо.ол гыннан баран онно сылдьан кэлээт аа дьуо барыта табыллан барта...хас да сыл ааста .ол ытык маспын умнан да кээспитим кэлээт...тугу эпиппин базарбыппын эрэ ейдуурум...тиийэпитин Ойуумут эппитэ манна эьи мээлэ кэлбэтигит.манна ытык сиргэ кэлиэхтээх эрэ дьон кэлэр диэн.ону мин эмиэ итэзэйбэтэзим...аны куьун август ыйга онно барыам ди саныыбын.Ытык маспар махтанна санаабын толортун иьин ..ол сазана онньуу кулуу курдук этэ билигин кырдьык итэзэйдим...биьи сахалар итэзэлбит айылза от мас байанай айыыьыт ити барыта чуолкай баар...Ону мин кэлин хойутаан да буоллар итэзэйдим...сыыьалар элбэхтэр буоллуо сурукпар ...аахпыкытыгар махтал....
Инниккин кытта олор диэн ду 😂🫣 5:33
Ыарахан ди, кыра о5о5о иннэ диир 😂
Хас да куолас саҥарар диэбитигэр били ойууннарга удаҕаннарга истэригэр хас да киһи олорорун санаан кэллим
Я жила в 66 общаге в корпусе Б. И всегда ночью просыпалась от того что кто то к моей кровати подходил. Я злилась от того что это потустороннее и руглась. Материлась шепотом твердо и поаорачивалась на другой бок😂
Ааккын уларыт сахалыыга. Мин дүңүр тыаһын истэр этим, биирдэ түүлбэр дүңүр тыаһа иһиллэр, чугаһаатар чугаһаан иһэр, ким эрэ ынырык улаханнык сахалыы аатынан ыңырар, уһукта биэрдим, кулгаахпар дүңүр тыаһа хас эмэ сөкүүндэ өссө иһиллэ турар. Ааппын уларыппытым сахалыыга. Өбүгэлэрбит биллэрэ сыттахтара.
🤯😱
Соҕуруу сырыттахха миигиттэн нуучалар ыйыталлара: "Саханы өрө тутар эрээригин тоҕо нууча ааттааххыный?" диэн. Онно санаабытым ээ, хас омук бэйэтин аатын ылыахтаах эбит диэн. Ол биһиги уратыбыт, киэн туттуубут буолар эбит. Эппиккэ дылы өбүгэбит да уоскуйуо эбитэ буолуо.
Что с переводом😅😂
@@mARINA-l5b у гугла нету якутского языка😅
Почему он должен менять свое имя? 😂😅 что за национализм
Мин биир кэмҥэ эмиэ инник куоластары истэр этим, дьиэбэр сытан инник мин туспунан этиһэллэрин, үлэлии сылдьан оҕонньор куолаһын истибитим ким да суох сиригэр "тохтоо эрэ" диэбитэ. Силуэттары хаста да бэйэм да көрбүтүм, дьон көрбүтүн истибитим даҕаны. Баттатар киһи үрдүгэр сырдык күлүгү эмиэ
Туох эрэ баар дуу диэххэ дылы, киһи олоҕун олорон баран
Урааа Борислав🎉
Махтал! Сӑаһылаан үчүгэдик кэпсиир уол эбит
интересно, что у меня в реках вышло это видео) Будем смотреть с субтитрами 😅
Кэтэьэ ахай сылдьабын, ыбылы куттанаары 😂
мин эмиэ вхахаххаха
Борислав оскуола оҕото эрдэхпинэ интернаппытыгар табаарыһын кытта хоно сылдьыбыттара. Уопсайын туһунан элбэх кутталлааҕы кэпсээбитэ, билигин ол уопсайыгар олоробун
Смотрю ваши видео перед сном, очень быстро засыпаю😊
урут тохсус кылааска сылдьан экзаменнаах уонна ол таhынан оскуола активиhа этим, дьиэбэр наар хойут кэлэбин, биирдэ киэьээ 8 чааска дьиэбэр кэлэн сыттым, дьонум маскын кыыстаан дьиэ5э маста киллэр дииллэр, тохсунньу ый, таьыддьа хабыс харана, тыбыс тымныы, барыта хаар. Дьонум соседняй хоско телевизор кере сыталлар, мин сурэ5элдьээн телефон хаhа сыттым, онно сытан истэбин туннугум анныгар киhи хаамарын курдук хаар хачыгырыыр, онтон дьэ куускэ ба5айы туннукпун 3-4 туох эрэ тонсуйда бу билигин туннукпун алдьатыах курдук, дьонум хоьугар суурэн тиийдим, дьонум соhуйбуттар а5ай, ким тонсуйарый диэн ыйыттылар, ону сразу сосед догорум дьээбэлэнэ сылдьар быhылааах дии санаатым, чэ улаханнык уурбакка таннаммын таhыддьа маспын киллэрэ та5ыстым, таьыддьа ким да суох, маспын киллэрдим, уонна дьэ толкуйдаатым, хаар хачыгыраабыта батта диэн баран таьыддьа таххан дьиэм кэннигэр туннукпэр суурэн тиийдим, тиийэн баран этим тоно тустэ, туох да суола суох, тон хаар сыппытынан сытар этэ
Тылбааһа ыарахан ди
Наконец-то хоть кто-то нормально рассказывает 😅
Похорона5а балык суох буолуохтаах ди остуолга 👀 сиэниллиэ суохтаах буотах этэ да
Ого, когда у меня сонный паралич я тоже вначале слышу белый шум «Шшшшшшшш…» Как радио не настроенное или телевизор
В детстве во сне видела умерших.
16:45 кэннигэр баар фону көрүҥүтүүй. 😰 Күлүк ааста ди
Ити 66-с уопсайга туох эрэ баар, элбэх киhи кэпсээччи, однокурсницам о5ону кердум диэбитэ, постирочнай хоско оонньуохха диэн ынырар уьу
мин кыра кыыьы баттатан керееччум оонньуохха диир этэ🫤уонна хоспор киирэн хос ортотугар турааччы уонна биирдэ одуулаан турар этэ🤧
@@МаксимоваНамыына :о
@@МаксимоваНамыынадьэ дьиикэй,бастыку хонор куммэр баттаппытым 66ка,туора утуйа сыттахпа кэннибэр о5о турар диибин,ол кэннэ нэдиэлэ курдугунан кыргыттар кэлэн хаартыласпыттара,онно дьэ ол кыыс,о5ону кердум диэн кэпсээбитэ,уолаттарбар аныгыс кунугэр кэпсээбитим,дьэ эппит тардыбыта ээ😂
Читалка5а 9 ду 7 этээскэ туун срс аа5а олордохпутуна сыгынньах кыра о5о суурэн киирбитэ уонна муннукка олорбута. Табаарыьым мантан тахсыахха диэбитигэр куотан тахсан барбыппыт
Борислаааав уол бэртээхэйдик кэпсиир эбит✊🏽
Акаарылар да эбиккит 😂 туох да суох до5оттор# ☝️
Бу манна сэриигэ кэлэн ол бу диэн корун ☝️😂
66-с уопсайга дьэ көрөр этим, аһаҕас этим суох да буоллар
Мин тууллэрбэр олус марынныыллар, даже хос эбэбин кытта сыьыан тэн курдук😅 кэпсээн суруйуом этэ да элбэгэ бэрт
От улэтэ буттэ ини? Сана видео хаьан тахсарый?
Мин эмиэ кэтэhэ а5ай сылдьабын 🥹 кытаат 🙏🏻❤️😊🙌🏻☺️🤭🫶🏻
астык качественный контент🫶🏻
Ураа ждем
Уол бэккэ кэпсиир👏🏻👏🏻👍🏻 ол гынан мээнэ абааhы куhаҕаҥҥа көстөр. Анараа дойдулуура чугаьаабыт дьоҥҥо көстөр диэччилэр.
Тү3 диэ
Ээ чэ бут асахас эттээх уол буоллаха ди уонна талаан да баара арыллыбакка сылдьар курдук кердум.
@@МарфаСлободчиковауопсайынан ким эмит, аҺаҕас хараҕа суох киьи кердеҕунэ диэн этэбин, ити кэпсиир уолу эппэппин. Кини уруккуларын кэпсиир ди уонна баттатарын игин, мин субу абааҺылыын утары керүстэхтэринэ диэн эппит быҺыым. Лучше кимиэхэ да көстүбэтэ ордук, ол киҺи барыта айылҕалаах болбатах.
@@МарфаСлободчикова уопсайынан диэн суруйбут быҺыым кэпсиир уолга туһаайбатым, көннөрү бүтэй эттээх киҺи абааҺыны утары көрдөҕүнэ. Кини уруккутун уонна баттатарын кэпсиир ди))
ттт диэ, ама хайаан 😬
Бу учугэйдик кэпсээтэ Уол 👍
Ити баттатаары гыннаххына шум иьиллэрэ чахчы, миэхэ эмиэ оннук, оннук тыас иьилиннэ да баттатан эрэрбин ейдуубун
Мурашки от некоторых историй😮
Звук это точно.
Говорят что белый шум означает что с вами пытается говорить призрак, дух. Если вы слышите белый шум, значаит вам на ухо шепчет призрак.
Муражки богото барда🥶🥶🥶
Дьиннээх Саха уола крассавчик😂,
Оо 66 уопсай туьунан кэпсээн боготун истибитим билэр дьоммуттан 😨
Мин эмиэ урут аһаҕас эттээх этим, эрэйдэммитим аҕай, онтон саптарбытым, Ол кэнниттэн хата кэмминэн, абыранным
Харахым ууланна бутэьик случайтан😢🙏🏼
хаьан сана кэпсээн тахсарый?
хайдах эрэ куттала суох багайытык кэпсиир😂 бэьиэлэй багайытык😅
Чоккай😍👍🏼👏🏼👏🏼👏🏼
«Гриша боксер» диэн киинэгэ уьуллубут уол да?😂
аьаа 😂
Аьыка
Уууу😮 мин 66 ка үлэлиибин ди кутталин😊
Уонна хайдах утуйабын😅😭 дьихбэр соготохпун
@@Hozyain_namber1😂
Тиийиэхпин сеп😄
2:00 кэнники фонна абааьылар хаама сылдьар гына онорбуттар диейдеен курдум наьаа багайы
Дьии ким эрэ ааста😮😮
Дьон сылдьар тыаьыыллар ди
Дьиктитик тургэнник ааспыт ди кырдьык 😢
Мин 66ка олорорбор эмиэ куолас бөҕөтүн истибитим😅
Көрдөөх эбээлээх эбит, хартыыһа сиэтэр игин сиэнигэр😂
Дунур тыаьын истибитим ахан мин 😓
барахсан о5о туьунан кэпсээбитин кэннэ хара5а ууланна ди((
Ушей кэпсээннэх уол ! Ол эрэн кулэриттэн сылтаан наьаа итэ5эйбэтим(
2018 сыллаахха мин А5ам суох буолбута ыалдьан, 2021 сыллаахха сайынын дойдубар сынньана кэлэн баран дьиэбэр утуйдум уонна туул тууьээтим, арай тууьээтэхпинэ моторканнан бараган биэрдилэр дьоннор, мин икки рюкзакпын сукпутунэн дьиэм диэки хаамтым суолга икки дьахтар аттыбынан миигин коро коро кулэн аастылар
- ону мин того куллулэр? Хайдах эрэ хаамабын дуу дии санаатым?
Диэм аттыгар чугаьаатым аны хабыс харана дьиэм таьа барыта ким да олорбот курдук этэ ол хааман иьэн корбутум сайынны диэм уоттаах уонна турбата буруолуу турар, арай кэннибэр киьи хаьыыта иьиллиннэ хайыьан корбутум А5ам турар уонна хаьытыыр
-Оо огом кэллэ хайдах хайдагый ээй
Диэтэ уонна мин диэки кэлэн истэ
Ону мин онно тоьуу сытан олбут эбиппин дии санаатым утуйа сытан, уонна
Бэккэ кэпсиир уол👍🏻
Куттуохпун багарбаппын эрээри, туох эрэ арыллыан сеп буолуо эйиэхэ , ойуунун игин суох дуо ? Аймахтаргар
О5о уопсайынан да аьа5ас эттээх буолар. Ол гынан баран сорох о5о билэр, сорох о5отук санаатыгар тэптэрэн наадыйбат.
Мин о5о эрдэхпинэ эмиэ истэр, керер этим быьыылаа5а. Тон,ус ойуунунан онтубун эмтэппиттэрэ. Ол кэнньиттэн ыалдьарый тохтообут курдук буолбута, ханнык эрэ кэмн,э.. Баардаах баарын биллэрэр, син биир эбит. Отой сутэн хаалбатах. Ол мин Дьолум дуу, сорум дуу?... Ардыгар эрэл, ардыгар сор. Дьонн,о сэрэтэн эттэххэ итэ5эйбэттэр, эбэтэр еьургэнэллэр, эбэтэр отой бырахтарыылаах курдук кереллер. Кэпсээбэт буолбутум, сэрэппэт буоллум. Дьон ейдеебет эбит.
борис краш!!!😢😢😢
Борислаав 😍
Ити киси ол бу буолаары гыннахына керер истэр , портал арыллар бысылаах .
Дьэ, наһаа куттамматым диэххэ сөп 😅
Ол да буоллар итинник ону-маны көрүөххэ диэтэххэ чэпчэки буотаҕы буолуо 😢
Маладьыас 🥈
степа порядины ыныраргыт буоллар а так чоккай 😊
Сорох кэпсээннэриттэн этим татта 👍
Элбэх баи ки4и баар курдук кэпсэнэр бэйэтин…..очень странно🙂
Билигин хайдах утуйарым буолла😢
Хаҥалас сирэ инник дьэ, комментарийдартан соһуйабын, хайдах саха сиригэр олорон хаһан да тугу да көрүмүөххэ, билимиэххэ сэбий
Туалет куһаҕан сыттаах бо 😂
Ити 66 упасайга 2008 сыл сааһыгар кыыс оҕону ити курдук көрөн турардаахпын
Итэҕэтиилээхтик кэпсиир 👍🏻
7:00
Мин бу саас эн дьиэгэр уотун таппытым😁
Тоҕо🤔биллибэт саҥаны истэрий??? Дьикти дии😂
Ити общагаларга того иннигий? Мин 17с оьщагаҕа жоско баттатар этим. 66ка атын атын отсектарга олоро сырыппытым. Олох этим тардар этэ. Олоруохпун баҕарбат этим. Ол иһин да буолуо ыксаан кэргэн тахсан көспүтүм 😅
Аьагас эттээх эбиккин Борислав 🥶
дьэ туун утуйбат буоллум бьх😂
Аһаҕас харахтаах уол эбит эрэйдэммит дии
кэпсээммин Ханна кэпсиэххэ симий?
борислав этэ аьагас эбит ду😲
атын дьону кытта буолбут түбэлтэлэри көннөрү кэпсээн биэрэллэр буотах дуу?
@@brosciencePhDсуох
Ачукуруук, хос эбээн отто туохха эрэ уэрэтэ сатыыра буолуо буо. Эн ого буоланнын ейдеебетун буолуо
Миигин ынырын эрэ манна
Уоай мин эмиэ итинник курдук корон этим ди 😶🌫️жесть. Итини туох диэн ааттыылларын ким да быьаарбатага. Аьа5ас эттээхпин диэхпин постоянно корбот этим
6:05 туннуккэ ким эрэ ааста ди
борислав
Туогаттах элбэх мистикалаах дьонноруй да, битва экстрасенсов якт оноруохха наада барыларын мунньан
буолар буо
элбэх дьонно буолар
👍🏻👏🏻