Екатерина, Алексей Егоровтар "Илиибин уунабын эйиэхэ"

แชร์
ฝัง
  • เผยแพร่เมื่อ 29 ก.ย. 2024
  • Леонид Попов тыллара
    Аркадий Алексеев мелодията
    Илиибин уунабын эйиэхэ
    Ыраах да ыраах баар киһиэхэ
    Илиибин салгыҥҥа уунабын,
    Эйигин абылыа мин абым.
    Хос ырыата:
    Үрүҥ түү былааккын бүрүнэн,
    Эн киириэн билигин Аммаҕар...
    Бэл тыалы, тымныыны билбэккэ,
    Эн туруоҥ ол хаардаах биэрэккэ.
    Одуулуоҥ уҥуоргу кытылы -
    Тумаҥҥа сууламмыт кытылы!
    Бу ууммут мин илиим эйиэхэ
    Тумарык үөһүттэн көстүөҕэ...
    Хос ырыата.
    Хардары илиигин эн уунуоҥ
    Ол курдук уунаҥҥын өр туруоҥ...
    Итинник абылыа мин абым -
    Мин тиһэх, мин муҥур тапталым!
    Хос ырыата.

ความคิดเห็น • 53