Мандар Уус ыһыах алгыһыгар сүбэтэ

แชร์
ฝัง
  • เผยแพร่เมื่อ 19 พ.ย. 2024
  • ☀️Алгыс күнүгэр бэлэмнэнии
    🌿🌿🌿🌿🌿
    Бэс ыйын 19 күнүгэр Айыылар саамай чугаһыыр кэмнэригэр - күн оройугар ыһыах алгыһыгар сыт таһааран күргүөмүнэн көрсүөхтээхпит. Саамай былыргы, бастакы сиэр-туом аал уоттан саҕаланар.
    Күндү дьоммутун хамсык кэмигэр бары тэлгэһэҕэ, квартираҕа сыт таһааран ыһыах алгыһыгар кыттыһыҥ диэн ыҥырабыт.
    🌿🌿🌿🌿🌿 ТЭЛГЭҺЭҔЭ :
    Ыһыах күн тэлгэһэҕэ дьиэ-кэргэн Далбар Хотуттара 3 түптэни уматан, күөх буруону унаарытан, саламаны илин диэки үүммүт хатыҥ мастарга эбэтэр 2 чэчири анньан онно ыйаан, чорооннорго кымыһы кутан, илин өттүгэр холумтаҥҥа эбэтэр уот ииттэр туой көһүйэҕэ аал уоту оттон Аан Ийэ дойду иччилэригэр сүгүрүйэн, үтүөнү көрдөһөн алаадьынан, саламаатынан күндүлүүбүт.
    Алгыс кэмигэр налыйан, намырыйан уоскуйан илин диэки хайыһан илиилэргитин күн утары ытыскытын көрдөhөр киhи быhыытынан сирэйинэн үөhэ тутан, аламай маҥан күммүт сылааhын иҥэринэн, сүөhү-ас, оҕо-уруу, от-мас дэлэйэригэр - үөhээ үрдүк айыылартан көрдөhөн аньыы-хара, оhол-моhол, куhаҕан дьай саба бүрүүкээбэтин туhугар көрдөһөбүт.
    🌿🌿🌿🌿🌿
    УОПСАЙ ДЬИЭҔЭ ОЛОРООЧЧУЛАР:
    Квартира иһин сыттаах күн эргииринэн боҕуруоскай оту уматан, алаадьылаан, сыт таһааран ыһыах алгыһыгар кыттыһан ыраастаныахтаах.
    Илгэлээх халлааммыт илин диэки хайыһан илиилэргитин күн утары үөhэ тутан алгыска кыттыһабыт.
    ☀️🌿 Алгыс кэннэ чорооннорго кутуллубут алгыстаах кымыһы үстэ күөрэччи күн диэки көтөҕөн, хас биирдии ыал аҕа баһылыгыттан саҕалаан үс кутум чөл буоллун диэн үстэ омурдан күүстэ-уохта уктабыт, турукпутун тупсарынабыт.
    Сахалыы сиэринэн төрүт аспыт маанылаах сандалытын тула дьиэ-кэргэнинэн олорон ирэ-хоро кэпсэтэн, ааспыты ахтыһа, кэлэри кэпсэтэ, өбүгэ оонньууларын оонньоон Алгыс күнүн бары бииргэ атаарыаҕыҥ!

ความคิดเห็น •