Это война россии с европой украина это пешка. Но почему на этой долбаной войне должны погибать малочисленные народы. Почему запад России не воюет??? Москва подмоскоаье Санк-петербург там идут только добровольцы а не мобилизованные. Берут сибирь Север и дальний восток. Россия нас не защитить отправляет на убой. За что за то что мы живы???
Рада , что Вы свой блог ведёте на своем родном языке!!!❤ Поддерживайте своих!!! Развивайте свой язык и культуру!!! Уважаю Вас !!!❤❤❤❤❤ Ажека - казашка!!!
Нет, ты не Иван Дурак! Написал в точку, истинный патриот не пойдёт "зарабатывать" деньги таким способом! Гордость должна быть! Сатар бэйэбит дьоммут агитациялан ыччаттары
Мы народ Саха малочисленный народ нас не надо призывать на эту войну, и так во второй мировой скосило половина мужского населения, костми легли на поле боя, а почему с материка народ русский не набирают на сво, я не говорю что их там нет есть но их мало по сравнению с нашим народам, соруйан нуччалыы суруйабын аа5алларын курдук, начальство конкретно грузят военком и администрацию вплоть до увольнения запугивают.
Россия крымы ылбытыттан сэрии тагыста быьылаах ди. Онно элбэх газ нефть саппааьын булбуттар ол иьин украина ону теттеру ыла сатаан сэриини таьаардылар. Украина крымы ыллагына европаны небинэн гааьынан хааччыйыа оччо5о россия сырьёта ханна да барбат буолар
Аҕыйах ахсааннаах омукка сэрии наадата суох, бу саас кэргэним тастыҥ быраата Украинаҕа баран өлөн кэллэ, ыарахан этэ. Саханы тэнитиэхтээх 21саастаах уол суох, олоҕо 5млн турда, орден Мужества биэрдилэр туохха нааданый ол.
Бырдъыгы - хорсун уол , Саха дъоно , киһи өйдөөбөт сэриитигэр баран сэймэктэнэллэрин утаран , харыстаан кыһаммыт !
@@AlexAlex-oe1gv - тылгын кыана туттун
Перевод на русский язык - абсолютно неправильный. Это что за издевательство над якутским языком
Олус сөпкө эттиҥ, биһиги Саха омук бу орто дойдуга, анал улахан мииссийэлээхпитин умнар табыллыбат.
Бырдыка Уус маладьыас киьи ! Убаастабыл ! Сахаларга да мындыр толкуйдаах дьон баар буолаллар эбит ,хас биирдии тылгар сепсеьебун .Толкуйдаах дьоммутун истэр кэммит кэллэ быьылаах 👏👏👏👍👍👍
Дьахталлар кэргэннэргитин кыйдаамац,харыстаац.Арахса оонньоомоц!Кыыhырбыта буолан сэриигэ уган биэрэр сатаммат.
Дьахталлара бэйэлэрэ харчы туhугар атаараллар ди, Ити геноцид сэриитэ уонна нуччалар биhиги сирбитин биhигиттэн босхолуур сэриилэрэ. Аан дойдуну барытын сэриилээн баhылыыр саналаах омуктар
Ыал со5отох уолаттара ити сэриигэ баран елен хаалаллар, онон ийэтэ а5ата тулаайах хаалан хаалаллар, эп-эдэр о5олор сана улэлии сылдьан улэлэриттэн сулбу тардыллан кэлбэттии баран хаалаллар.. Оно того стоит дуо
Итиннэ олох кыттыьыман. Туохха наадыйан сахалар сэриигэ бараллара буоллар? Харчыга ымсыыран дьону елере барааьын диэн дьаабы буоллаха. Ейденун!! Хата бу убайгыт маладьыас барытын быьаарда.
Оннооҕор ыраахтааҕылаах Россияҕа, бастакы аан дойду сэриитигэр, сахалары кыра омуктар диэн ылбатахтара, онон чөл хаалбыппыт!
Саха аччаата билигин 300 эрэ тыс хаалла сымыйалаан айс млен буоллубут диир ити кэлии узбек кыргыз манна саха сиригэр кэлэн тэрээннэр итд сотору иккис узбекистан киргизия буолара чуоккай , город барыта омук буолта ыраатта онон эйдэнун сэриитэ да суох Саха азыйах сылынан эстэр кутталлаах эйдэнун.
Сорох уолаттар Казахстан, Монголия диэки куоппуттар, сёпкё гыналлар. Кэнники тённёхтэрэ
Ваще ити биһи сахалар сэриибит буолбатах,олох кыттыһымыахха наада,ааспыкка Бырдыка атыннык саҥарар этэ,киһи өйдөөбөт гына кэпсээннээх этэ. Ити сэриигэ Арассыыйа кыайбат,бастатан туран экономиката сатараан турар,иккиһинэн бэйэбит да испитигэр атааннаһыы элбэх омугунан,биир сомоҕо диэн өйдөбүл суох,дальше өссө мөлтөх балаһыанньа буолара туруктаах,сайдыылаах омуктары кытта иирсэн туохха да үчүгэйгэ тириэрдибэт
Это война россии с европой украина это пешка. Но почему на этой долбаной войне должны погибать малочисленные народы. Почему запад России не воюет??? Москва подмоскоаье Санк-петербург там идут только добровольцы а не мобилизованные. Берут сибирь Север и дальний восток. Россия нас не защитить отправляет на убой. За что за то что мы живы???
Эhиги курдук дьон баарын кэннэ туох сомоголоhооhуна кэлиэй, таннары ейдеех санаалаах дьоннут, биhиги сэриибит буолбатах диигин да? Эн ханна олорор киhигиний? Саха Сириттэн суруйагын ду хантан?
John , правильно говоришь.
John , мин эмиэ эн курдук токкуйдуубун , саныыбын
Сахалар Бэйэбит да аҕыйах ахсааннаахпыт үрдүнэн геноцид нөҥүө аҕыйатан сымыйа сэрии оҥорон онно Биһиги курдук омугу эһэр систиэмэҕэ киирэнҥит олоххутун быстара сатааман!Сахабыт Сирин Норуотун эһээри гыннахтарына онно биирдэ сэриилэһэргэ бэлэм буолуохтааххыт!Биһиги Омукпут туһугар кыһаллыбат омуктар тустарыгар олоххутун биэрэгит сатаммат!
Олох сепке этэр! Уолаттар ити дьалхаанна киирэн биэримэн! Уксэ кыра норуоттары ыытан эьэн эрэллэр. Ити биьиэхэ сыьыана суох сэрии. Биьиги дойдубутугар ким да саба туьэ илик, ити кемускээьин сэриитэ буолбатах, талабырдьыт сэриитэ. Ол бу диэн ааттаан, дьонтон кистээн бэйэлэрин таймаларын ханнарар соруктара. Саха уолаттара, хоьууттара толкуйданын! Ийэлэр, кыргыттар тылла кете5ун!
Олох сопко толкуйдуугут, нуччалары сэриигэ атаарыахха надо кинилэр биhигини батан олороллор биллинни уйэ5э дьэ кинилэри баттыыр бириэмэбит кэллэ, билигин кинилэр харчынан албынныыллар кыра Хара норуоттары
мээнэ киһиргээн бараллар бэрт буолаарылар , ээ биһиги сэрииһит хааннаахпыт ураанхайдар буоллахпыт дии дии түөстэрин охсуналлар ,үлэм суох хаччылаһа бардым диир дьону итэҕэйимэн . Саха сиригэр үлэ хамнас буолунай талбыт үлэҥ барыта баар .
Сөптөөх этии
@@AlexAlex-oe1gv Кытарын2 олоххун барытын куттана олорон туох да туһата суох олох дии, тыһыынчанан халыҥ нууччаларга бүтэһик соҕотох саха кыттыспыт аҕай ду?
Дьон өйө - санаата наһаа түспүт. Харчыга оллхторун атыылыыллар Ити контрактниктао.доброволецтар иэдээни саха норуотугар оҥордулар .мобилизацияҕа ылбыт спхабыт эр дьонун олоҕо кинилэр суобастарыгар Үөһэҥилэр ону уөрэтэн учуоттаан бу аҕыйах ахсааннаах омук өйө-санаата туспүтүн көрөн биһг дьоммутун мобилизацияҕа ыллылар.москвичтары.улах куорат эр дьонун буолбатах
Сөпкө этэр
Биһиги омук баҕа өттүнэн баран кыргыһарбыт сыыһа
Арай Аҕа Дойду Сэриитин курдук норуоту ыҥырбыттара буоллар син этэ
Бэйэбит норуоппутугар өстөөх көрдөнөрбүт сыыһа
Туох сонун Дайыыкка?
Оччоҕо туораттан көрөн олоробут дуу,хайдах эрэ буолбатах дуо?
@@НиколайНутчин ити сэрии са5аламмыта хайдах эрэ буотах да? путлер ону маны албыннаабытынан?
Дойдум туhугар диэн ааттаан сэриигэ бардаххына билиэ5ин, священная война буолбатах, коммерческая война.
баайдар сэриилэрэ ити боростуо саха киhитэ батарейка 🪫 эрэ буолар кыахтаах
@@НиколайНутчинНуучча, Украинес үйэлэр тухары атааннаһаллар, бэрт былдьаһаллар, сэриитэ суох сатаан олорбот дьон, билигин сэрии кыра норуоттары эһэр сыаллаах!
Биьиги онно олорбоппут, хаьан да тиийбэппит, чугаьаппат да буоллахтара. Атыттар. Албыннаан, туьанар эрэ буоллахтара. Биьиги туохпут делата
Хата акаарылар дии саныыллар, кыра омуктар, а5ыйаатыннар диир буоллахтара.
Акаары уолаттар сурэ5эллээн, о5олоронун иитиимээри бараллара булуо. Тённёлёре саарбах. Ийэлэрин, кэргэннэрин, о5олорун аьымматтар.
Ол харчи биэрэллэрэ саарбах. Билигин туох уларыйыы булара биллибэт.
олох септеех этии о5олоро улаатарын кербекке ол сэриигэ курэнэн бараллар буоллага
Ааспыт сырыыга итирэн олорон тойук туойбутун дуо, сэриигэ барын,хохлушата а5алын,хааны тупсарын дии дии дой5охтообутун дии
хохол чүөчэни а5алын диэн эппэтэ5э, хаан уларыйыан наада диэн эппитэ.
Махтал! Сепке субэлиигин.
Отой сөп!
Рада , что Вы свой блог ведёте на своем родном языке!!!❤ Поддерживайте своих!!! Развивайте свой язык и культуру!!! Уважаю Вас !!!❤❤❤❤❤
Ажека - казашка!!!
Дьэ олох ымсыырбаппын, сити сэрии олох сымыысыла суох
Дьэ бу саамай сөпкө этэр, кыларыйан турар кырдьыгы этэр, бу сэрии биһиэхэ наадата суох !
Саха эр дьонун бу хайысхаттан ырыт эрэ. Тоҕо сэппитин кыаммаппыт, тоҕо кыргыттары ойох ылбат эрэ, тыытабытый, сүрэҕэ суохпутуй, ойохпут, оҕолорбут туһугар эппиэтинэспитин умнабытый диэн кэпсэтии таһаар. Дьахтар сиэрдээх эр киһиттэн айылҕатынан арахса оонньообот. Эр бэртэрин саха эр дьоно үрдүгүтүгэр таһаарымаҥ.
Патриот харчы иһин сэриилэспэт.
Нет, ты не Иван Дурак! Написал в точку, истинный патриот не пойдёт "зарабатывать" деньги таким способом! Гордость должна быть! Сатар бэйэбит дьоммут агитациялан ыччаттары
Маннык субэлиир киьи Элбэгэ буоллар оголорго этэн сахаран иьин саастаах дьон
Оннук,биһиги сэриибит ботах,славяннар сэриилэрэ
Эн эрэ сахалартан сэпкэ эттин, ) дьоллох буол САХА чулу уола
бу убай саамай сэпкэ этэр, уонна сахалыы эрэ кэпсээ нуччалар эйдэбэтэрун гна барыта куттал убай махтал маннык кэпсииргэр
Мы народ Саха малочисленный народ нас не надо призывать на эту войну, и так во второй мировой скосило половина мужского населения, костми легли на поле боя, а почему с материка народ русский не набирают на сво, я не говорю что их там нет есть но их мало по сравнению с нашим народам, соруйан нуччалыы суруйабын аа5алларын курдук, начальство конкретно грузят военком и администрацию вплоть до увольнения запугивают.
Верно спасибо
"Маатырылыы олорор,манна биһи моойбутугар олороҕут"- эҥин диэн ити кырдьык киһилии сигилитэ суох майгыта. Өйдөнүө ду,суоҕа ду? Саарбах,сэрии туох да үчүгэйи биэрбэт 😢
Сэриилэhэ буотах,тута барыахха син "стройка5а"елере-еhере буотах!
Оннук биьиги он-то суох агыйахпыт.
Кырдьыга Сахалар олох агыйахпыт ээ,онон агыйах ахсааннаах омук быьыытынан санаан туран толкуйданыахха себе буолуо
Олорон биэрбэт инибит имири эьиэхпит фашистары☠💀☠
@@СУРГЭН-й2и эбэтэр биһигини эһиэхтэрэ иккиттэн биирэ. Ол эрэн кыракый норуот урут эстиэ улахан омуктардааҕар. Биирдэ көрбүппүт боотурдарбыт лаппа аҕыйаан папканосецтар эрэ хаалбыт буолуохтарын сөп. Конечно оннук эрэ буолбата ханнык. Но туох барыта буолуон сөп.
Кыайыахпыт диириҥ - алҕас. Сэрииннэн түспүт - хаһан баҕар бүтэр уһугар кыайтарар. Сэриигэ да, атын да сиргэ сылдьан, хас киһини өлөрөҕүн, оччото Орто дойдуга эргиллэн кэлэн өлөрүллэҕин. Кэргэнниилэр кэлэр олохторугар эмиэ булсаллар, только миэстэлэрин атастаһаллар. Эр буола сылдьан өйөҕун кырбыыр киһи, аныгыскыга дьахтар буолан төрөөн, кырбанар хайдаҕын билэр.
Арыый түргэн соҕустук саҥаран иһиэххин
Кредиткэ киирэн, олохторо айгыраан бараахтыыллар үксүлэрэ сахалар
@@AlexAlex-oe1gv Индустар, Буддистар үөрэхтэрэ
@@ЛарисаАндросова-ж3у Оннук
уонна хохоллар мотивациялара куустээх, кинилэр дьиэлэрин комускууллэр
все верно сказал👍жирный лайк!
Сөпкө этэр ээ. Сахалар восстановлениеҕа да үлэлэһэрбит сөп этэ. Дойдуну сөргүтэр күүс, өй санаа эмиэ наада. Сахалар саҥа итэҕэл таһаарар кэскиллээхпит ээ. Ол иһин ахсааммыт элбээбэт дойдуга олоробут.
Сопкэ этэгин, хайа эрэ абааьы нучча айы оло сыппатах киьи куй баьыгар тиийэн
Убай олох сепке этэгин
Сепке этэгин , сахалар бу биьиги сэриибит буолбатах эбит , ону ейдуеххэ наада . Хайдах эрэ киьи ейдеебет сэриитэ буола турар , отой барыта полумерами , бастаан утаа биьиги чаастарбыт отой тургэнник кимэн киирэн истэхтэринэ , переговор онордохтора буолан тохтотон кэбиспиттэрэ , уонна ылбыт территорияларын теттеру тенуннэрбиттэрэ . Онно хаалбыт биьиги диэки санаалаах олохтоохтору ВСУ -лар жестка репрессиялаабыттар . Уонна Украинаны утары сэриилэьэр ааттаахпыт даганы , билиннээннэ диэри газ , нефть топлива биэрэ олоробут . Арааьа ВСУ -лар тонон елбетуннэр диэн буолуо . Эмиэ итинник хартыына Евросоюьу кытта , биьигини утары санкция запрет бегете , сэрии сэбинэн Украинаны хааччыйа олороллор , биьиги кинилэргэ тонмотуннар , промышленностара учугэйдик улэлээтин диэн нефпитин , газпытын , биэрэ олоробут . Саамай Россияга куьаганнык сыьыаннаьар Прибалтийскай республикаларга эмиэ . Билигин кыьын кэллэ газтарын сабар киьи , Украинаны ейууллэрэ сразу тохтуо этэ . Хайдах эрэ барыта киьи ейдеебет балаьыанньата буола турар .
Л
Олох барымаҥ икки боруода ыт хапсыһыытыгар ойоҕоөуттан кыбыллымаҥ политика сахалар онно манна кыбыллыбакка чуумпутук олоронбэйэбит олоъпутун оҥостуоҕуҥ ЭдьиийДора билэн этэр
Газ, нефть европа диэки атыыламмат буоллаҕына биһиги биһиги россия даҕаны сотору олохпут мөлтүүр буоллага. Атын мөлтөх дойдуларга атыылаан үчүгэй элбэх харчы, улахан ылсыы бэрсии тахсыбат буоллага. Онон хайа да өттүгэр кэһэйии ыарахан буолара буолуо.
Гааьын ,ниэбин Арабтар курдук босхо да Сахаларга ээ иирбит сыананы телуубут дии
Гааьын ,ниэбин Арабтар курдук босхо да Сахаларга ээ иирбит сыананы телуубут дии
повестканан ыыталлар дии.баҕарбат да киһини,күүстэринэн ыыталлар.
Мин көрдөхпүнэ наар калмыктар,тувиннар,буряттар,чеченнар эрэ сэриигэ бааллар....уонна сахалар
Оннук. Сөпкө этэҕин. Сахалар ахсааннара аҕыйах. Элбэх ахсааннаах норуоттар бараллара ордук.
Саха ымсыырбат, саха куттас, ол иьин сэриигэ барар
Эс доҕор куттас, киһи хайдах сэриигэ баарыай хорсун Хоодуот эр бэртэрэ свога бараллар буоллаҕа киһи хомойоро дьиксинэрэ биһиги оҕолорбутун киһиргэтэ киһиргэтэ уот сэриигэ үрэллэр 😪😪😪
Бу киьи аата суола Ким диэний ?
Барыта сепке этэ5ин. Кыах киьигин.
Сахалар нууча туьугар еле барыман итаак сирбит баайын биэрэ олорон нуучаларга лучше Америка5а кеьун👍Убай сепке этэ5ин
Отой сопко этэр Саха Бы4а5а бултка эрэ туттуллар иннэ баран герой буолбаттар олох сыы4а дьыала улэ суох буолан дьаабыланаллар сорохтор
Быһах булка алка,аска үөлгэ туттуллуохтаах.
Септеех ынырыы
Сэриини хайдах саахха холуугут? Саахтаах куолгут уута ордук буолуо , сэриитээ5эр. Акаарыны санарыман. Бу киьи сопко этэр.
Тывалар, бүрээттэр үксүлэрэ Монголия, Хазахстан диэки күрээтилэр. Онтон биһиэннэрэ тугу күүтэллэрий
Сопко этэр Сахалары э4ээри соруйан да барын диэтччилэр.бааллар.бо.онно баран герой буолбаттар Саха бы4а5ын бултка тутталлар Айыы бы4а5ынан онньуур бу кэпсиир ки4тэхэ махтал баары этэр олох чуолкай доруобай буол орууутун кэпсээн дьонно субэ ама буол
Дьиҥ иһигэр киирдэххэ сөпкө этэр,баҕа өттүнэн бара сатааһын сыыһа,онтон мобилизацияҕа хабыллан бардахха ол туһа туспа дьыала
Билигин ити Украинага барар Саха уолаттара ити Туваттан уонна Бурятияттан регулярный сэриилэртэн барар кадровой байыаннайдартан уратылара диэн доброволец курдук бараллара буолар. Ити кадровой байыаннайдар социальнай гарантиялара элбэх. Ол курдук хамнастара урдук, пенсияга эрдэ тахсаллар. Пенсиялара урдук, ессе иккис гражданской пенсияларын ылаллар. Россия хайа багарар регионугар бесплатно Таас квартира ылаллар. Оттон биьиги уолаттарбыт тыыннаах кэллэхтэринэ ветеран боевых действий буолуохтара биллибэт. Буоллахтарына да пенсияга тахсалларыгар пенсияларыгар баара суога 5-6 тыьыынча солк. эбиллэр. Дьэ, ол иьин маннык тэнэ суох балаьыанньа баар буолуохтаагын эрдэттэн билэн, 3-4 сыллаагыттан Саха сиригэр арктическай мотострелковой бригаданы олохсутуохха баар этэ диэн хаста да социальной ситимнэргэ суруйан турабын. Ол онно байыаннай сулууспага Саха уолаттара да сулууспалыа этилэр диэн суруйбутум. Биьиги урут Саха уолаттара Советской армияга туйгуннук сулууспалыыр этибит. Онон билигин да патриот Саха уолаттара баар буолуохтаахтар. Холобура, билигин патриот- доброволец быьыытынан выслуганан эрдэ пенсияга тахсыбыт силовой структура сотрудниктара барыахтарын сеп этэ уруккаттан маннык быьыыга бэлэмнээх уэрэммит буоланнар.
Военкомаатары сабын улуустарга балыыһалары сабалар дии биир дэ үлэлиир тэрилтэ суох тыаҕа суолбут оноһуллубат үлэһит илии тиийбэт дуу сирбит баайа бүттэ дуу төгүрүк сылы быһа сирбит баайын таһалларыгар үп-харчы техника арааһа омук үчүгэй сэбэ көстөр оттон суолбут быстар мөлтөх нууччалардыы после нас хоть потоп диэн принципынан олоробут
Олох сөпкө этэр. Дойдугутугар үлэлээн хамсаан олоруҥ.
УОТ ХАРАХХА ЭТЭҔИН!!!
Харчыга ымсыыран бараллар,билигин ыл эрэ харчыны толообоппун диэтиннэр,дьэ барымаары атын сирэй харах буолуохтара Путин куьагана онно костон кэлиэ этэ
Эн семьяҕын мобилизация таарыйбатах бһлх дуу
Ещё не вечер,уопсай мобилизация кими да тумнубата буолуо.
Кимий бу ээ?
Вам только подавай имя,нет чтоб ЗНАТЬ суть дела и ПРАВду!Так могут интересоваться только предатели.
Хата , биир өйдөөх киһи этэрин иһиттэҕим .
Күүстэринэн ыыталлар барбатахтарына хаайыы уһун сылга.
Инник дии олорумуо5ун биир уолбутун сутэрдэххэ биэс саха сутэр. Ити сэриигэ тыьынчаннан барда келуенэ суох кэриэтэ буолар. Этэннэ уолаттарбыт эргиллэн , киьи быьыытын сутэрбэккэ эргиллэн кэллиннэр этэннэ. Дом
Сөрү сөпкө этэр,
Биьиги дэриэбинэбититьэн бугун 20 уолу илдьэ бардылар, бэьээ туун повестканы тар5аппыттара. Бараахтаптылар, бирикээс.
Отой сөпкө этэҕин
Привет печник!молодец!
👍
Олох сеп этии Убай
Россия крымы ылбытыттан сэрии тагыста быьылаах ди. Онно элбэх газ нефть саппааьын булбуттар ол иьин украина ону теттеру ыла сатаан сэриини таьаардылар. Украина крымы ыллагына европаны небинэн гааьынан хааччыйыа оччо5о россия сырьёта ханна да барбат буолар
Биир да нуучча суох курдук кэпсии олороҕут дии,ону баара нууччалар хара баһаамнар
Барбатахына аны хаайыы киьитэ буолагын,крышалыыр киьитэ сох киьи син биир барар.
Сепке этэ5ин👍
Киһини өлөрөн харчыланыы оччото суох буолуо.
Дьэ балаьыанньа устугуран эрэр, мобилизация буолла бу орто дойдуга
Оннук✊
Сопко этэр туойбат
То5о баралларый? Сэриилэhиэхтэрин ба5араллар , автомат туттуохтарын ба5араллар , оскуола5а ииттэллэр сэрииhит гына нууччплартан батанар гына. Раб буолар гына
Ити Колесов диэн туох киьиний?
Саха омук билинн,и турукка анала:ахсаанмытын миллион киьи Бу юйэ ортотугар тиксэргэ☝️уонна тиьэ5эр хас да миллион буолаат бэйэттэн Ебюгэ былыр ыйытпытын курдук бэцэни ыйытарга:Мин Саха бюгюн аймах дьон Илим ханнааный?туох туьугар олоробут диэн.Аара ийэ-а5а тереебют тылбытын ыьыктыбакка-сютэрбэккэ.Хайа бэйэбитин хаьан сэнэнэн бютэбит?ким кююстээх-ол иллээх диир юйэлэрэ бюттэ!ким юлэьит-ол туспа Иль тэрийэр.
Урдук хамнастаах улэ буоллага дии. Учугэй олохтон инник рискованнай улэгэ барбаттар. Хас биирдии киьи кэмнээх- кэрдиистээх, бэйэтэ ейдеех-санаалаах.
Дьону өлөрүү үлэ буоллаҕай, сүрэх бэрт дии
@@ЗояИМ былыр былыргаттан сэриилэьэллэр, киьини елерер криминалы кытта тэннээмэн. Урдук уерэххэ уерэнэллэр офицердар, сэриини табыгастаахтык салайарга.
Оннук буотах... О5олорго повестка биэрэллэр.... Оннук эйиэхэ тиийбэтэх быьыылаах
Сөпкө этэҕин
Сөп этии
Манна кемvcкэhэр киhи суох буолара дьэ эдэн
Мобилизация тастан государствоваҕа саба түстэхтэринэ ыксаллаах быһыыга-майгыга биллэр ллэр оттон спец операция буолбатах дуо? Акаарытыйымаҕ.
Аргылааман Сахалар , барыта Аргы ити
Оннук!!!
Бу убаайбыт видиотын ил дархаммыт көрөрө буоллар уонна дьаһал ылынан толкуйданан свога сылдьар саха сириттэн сылдьар омуктарын баралларын дойдуларыгар төннөллөрун туруорсара буоллар бэрт буолуо этэ Били илиитин уҥуоҕа тостон атыгрыы сылдьар убаайбыт муннах дойдутугар төннүбүтэ дуу суоҕа дуу
Олус сэрэхтээх тема
Самаай сэп!
Ээ бу киһи хохлушалар наадалар диирэ дии. Хара сордоох былааска ньылаҥнаан хайдах да туойуон булбат дии санаабытым. Аны саха дьахтара үтүө төрүөҕү биэрбэт, хохлуша эрэ биэриэн сөп үһү. Комплекс неполноценности баар киһитэ эбит. Аны бу сырыыга хайаан да бүтэһигэр кыайыахпыт диир даҕаны сыыһар. Бэйэтэ эттэ дии, млн. нуучча сэриигэ барбакка харчы эккирэтиһэ сылдьаллар диэн. Мантыкаҥ өлөн, кэхтэн эрэр государство мэлдьэһиллибэт симптома буолар. Өстөөх саба түстэҕинэ даҕаны сэриилэһэр баҕа мөлтөх буолар. Эгэ атын дойдуга баран сэриилэһии туһунан тугу этиэххиний.
хайдах эрэ киьи бэйэтин бэйэтэ булкуйар билигин сэрии буттэгинэ биьиги эмиэ хотторуулаах хаалабыт 1мировой эйэ туьэрсэн сирбит уксэ омуктарга барбыта 2 мировой эмиэ ситэтэ суох ол доргооно бу буола турар
Дьиҥнээх сэрии саҕалыммытын өйдөөбөккө олорор курдуккут дии ,барабын барбаппын ,баҕарабын баҕарбаппын диир бириэмэ ааста ,Россия иһигэр киирэр Саха сирэ туора тахсан көрө олоруохпут дии саныыгыт быһыылаах ,иккиттэн биирэ быһаарыллар ,хотобут эбэтэр хотторон Арассыйа ыһылларыгар тиийэбит,сорох сорохтор ыһылыннахпытына баай Саха сирэ ,мэйиитин икки сарыыта тэҥҥэ үлэлиир сахалар дьоллоох ,баай тот олохтоох буолуохпут диэн санааны ымыы гыммыттара ыраатта .
Дойдубутун Арассыйаны көмүскүүр бириэмэ кэллэ быһыылаах
Бу передача тахсыбыта 2 сыл буолла да хартыынабыт улаханнык уларыйа илик,бу ыйга хоту улуустан кийиитим аймаҕа уол барда, онтуҥ суруйарынан 5 киһиэхэ 1 автомат,1 шлем,1 бронежилет биэрбиттэр уонна сэриилэһиҥ диэн баран хааллартаан кэбиспиттэр😢
@@ТамараЖиркова-ю9р туох барыта кэмнээх, кэрдиистээх. Тохтотор күүс хас биирдиибитэгэр испитигэр баар. Ил эйэ буоллун диэн хас биирдии киһи баҕардаҕына сонно тута түмүктэнэр.
@@САХАЛАРГА_АНАНАР улахан күүстэр сэрии бүтэригэр тоҕо эрэ баҕарбат курдуктар сэриибит сыала соруга атын быһыылаах
@@ТамараЖиркова-ю9р Түмүк чугаһаата
сепке этэги сурэгэлдьээн барыы элбэх
а где мой комментарий? удалили ?
Нууччалар бардыннар, сөпкө этэҕин, сайын Сочига испиискэ сототун курдук элбэх нуучча күҥҥэ сыламнаантараһа сыталлар
Сөпкө этэр истиҥ
Ханна оннук диэбитэ? Ютубка да? Коро иликпин.
Отто повеска туттахпына хайдах буолабын?
Ойуурга куотазын!!!!
Оттон дойдубутун харыстаан Украинаҕа ба ор ан герой буолбаппыт да? Айстан да ыйыт. Кини Инньэ диэбитэ дьиэ Уссурийскайга сэриигэ аттанарыгар.
Атаарарыгар
😜
А5ыйах хонуктаахха бэйэн эдэр уолаттары бутуйбата5ын дуо ??? Баран кытаатын диэн хохлушалары булан а5алын диэн???
2 метралаах хохлишкаларда а5алын диэбитэ дии сэрииттэн
2 метрэлээхтэргэ устуулунан салҕанар буоллахпыт
Киһи барыта ойоҕуттан арахсыбыт буолбатах, кредит, ипотека хабалатыттан тахса сатаан бараллар... Эдэр ыччат барбатын курдук сүбэ биэрэрэ үчүгэй. Ким эрэ сүбэ биэриэхтээх буоллаҕа...
Быраата баран өйдөннөҕө буолуо
@@koliplassker6996сопко этэ5ин саха5а сэрии наадата суох... онто да суох а5ыйахпыт... 😐