Ньурба улууһугар олохтоох көҕүлээһини өйүүр сыл бэйэ дьыала астыан баҕалаахтар көмөҕө тиксибиттэрэ.
ฝัง
- เผยแพร่เมื่อ 19 พ.ย. 2024
- Ааспыт сыл Ньурба улууһугар олохтоох көҕүлээһини өйүүр сыл этэ. Манна бэйэ дьыала астыан баҕалаахтар бырайыак көмүскээн үбүнэн көмөҕө тиксибиттэрэ. Альберт Васильев кэтэх хаһаайыстыбалаах, сайынын маһынан эмиэ дьарыктанар. Былырыын Октябрьскай нэһилиэккэ сыах туттан үлэҕэ киллэрбитэ. Бу сылга киирээт сыах үлэтин тэтимнээхтик саҕалаата, Ньурба маҕаһыыннарыгар олохтоох халбаһыы арааһа атыыга тахсан утарынан бүтэр буолла. Дьоҕус сыахха үһүө буолан үлэлииллэр, күҥҥэ ортотунан 100тэн тахса киилэ бэлэм бородууксуйаны оҥорон таһаараллар. Бу үлэлэрин саҕалыылларыгар Дьокуускай куораттан технолог ыҥыран халбаһыы оҥоруу ымпыктарыгар чымпыктарыгар үөрэммиттэр. Билигин үөрэнэн илиилэрэ-атахтара дьэ баран 4 араас халбаһыы көрүҥүн оҥорон таһаараллар.
Ньурбаҕа аан маннайгытын, дьиэ кыылларын сууйар-тарыыр, түүлэрин кырыйар, көрөр-истэр анал салон үлэлээбитэ ыйтан орто. Дария Иванова өссө 8 сыл ынараа пудель ыт ииттиэҕиттэн, бэйэтэ интернет ситиминэн көрөн, ыттары кырыйарга үөрэммит. Ол курдук 2021 сылга Новосибирскайдаааҕы грумерскай кииннэ дитсанционнай үөрэхтээһини 6 ый ааһан, билиитин чиҥэппит. 2021 сылга социальнай харалта нөнүө контракт түһэрсэн, ол үбүнэн туттар малын барытын хааччыммыт. Эрдэ куортамнаан үлэлии олорбут эбит буоллаҕына, былырыын, улууска норуот көҕүлээһинин программатыгар киирсэн, дьиэ туттарга диэн 400 тыһынча солкуобай көмө ылан, сип панелынан 4*6 иэннээх дьоҕус дьиэ туттан киирбит. Молли 1 сааһын ааспыт той пудель боруодалаах ыт. Кини ыйга биирдэ хайаан да салонна кэлэн суунан-тараанан, онотторон эбиитин танас-сап, мал-сал ылларан барар эбит. Кыратыттан көрүүгэ-истиигэ улааппыта биллэр.
Ньурба улууһугар бэйэ онорон таһаарар бородууксуйа үксүүр. Ол курдук «Бэлэм ас» диэн ас сыаҕа арыллан үлэлээбитэ иккис ыйа буолла. Ньурба олохтоохторо бэйэ оноруу пельмень, манты, розочка, кэтилиэт арааһын куорат маҕаьыыннарыттан атыылаһан абыранар кыахтаннылар. Ньурба куорат олохтооҕо Евгения Григорьева ааспыт сылга оройуоҥҥа Норуот көҕүлээһинин сылыгар кыттан, 700 000 солкуобай субсидия ылан, ыра оностубут баҕатын олоххо киллэрбит. Пельмень оҥорон таһаарар сыаҕар бу ылбыт убугэр тэриллэри атыылаһан үлэтин саҕалаабыта икки ый буолбут. Бэлэм ас онорон таьаарар бородууксуйатын арааьа элбэх. Олохтоох көтөр фабрикатыттан куурусса фаршынан оҕолорго, диетаны тутуһааччыларга анаан куурусса этиттэн пельменнери, манна сыыр эбэн кэтилиэттэри, маны сэргэ ынах сибиинньэ этиттэн мантылары, позалары, розочкалары онороллор. Эр дьоҥҥо анаан «Боотур» диэн сибиинньэ, ынах этиттэн тотоойу пельменнэри астыыллар.
Евгения Григорьева ити курдук бэйэ дьыалатын тэринэн, «Бэлэм ас» сыаҕар ас астаан нэһилиэнньэҕэ тарҕатар, бородууксуйатын куорат хас да маҕаьыыныгар туттарар. Туох баар бэрэбиэркэни ааспыт, сертификаттаах бэйэ оҥоруу аһын, үчүгэйэ диэн дьон хамаҕатык, сөбүлээн атыылаһар.
#трснюрба #нюрбинскийрайон #нюрба