Ольга Софронова - Суһум "Оҕо сааһым кустуга"

แชร์
ฝัง
  • เผยแพร่เมื่อ 26 พ.ย. 2024

ความคิดเห็น • 1

  • @alyonaponomaryova8560
    @alyonaponomaryova8560 22 วันที่ผ่านมา +2

    Күндү мааны, Маайа Петровна!
    Эйигин “Эбээ Маайа” диэн Ютубка кинигэ ааҕар
    блогуҥ номнуо 5 сыла буолбутунан итиитик-истиҥник,
    үөрэн-көтөн туран эҕэрдэлиибин!
    Эн оҕоҕо-урууга, дьоҥҥо-сэргэҕэ саха
    суруйааччыларын билиһиннэрэн, айамньыларын
    киэҥник тарҕатаҕын.
    Хараҕым мөлтөөн кинигэ сатаан аахпат буолан,
    төһө кыалларынан, эн кинигэ аахтаҕыҥ аайы, син эмиэ
    саппай уопсан, истэ сатыыбын. Элбэх суруйааччыны,
    кинигэни биллим.
    Эн олус үчүгэй дьарыгы саҕалаан, баччааҥҥы
    диэри үлэҥ хардыытыттан көрөн, быыс-арыт булан
    сүрдээҕин элбэҕи ааҕаргын сөҕөбүн.
    Мин эн биир кэм соҕус, ардыгар образтарынан
    сөптөөхтүк биэрэргин, ааҕаргын сөбүлүүбүн,
    ордоробун.
    Эйиэхэ улахан махталбын тириэрдэбин.
    Инникитин да “Эбээ Маайа” ааҕар кинигэлэриҥ
    элбии турдуннар. Блогуҥ үүнэ-сайда, ситэн
    силигилии, тупсан туругура, дьон билиитин-көрүүтүн
    кэҥэтэ, эйигин истэн оҕолор ааҕар баҕалара үрдүү
    турдун!
    Тус бэйэҕэр уонна дьиэ кэргэҥҥэр чэгиэн-чэбдик
    буолууну, күн сирин бары үтүөтүн-кэрэтин баҕарабын!
    Алаһа дьиэҕитигэр барыта этэҥҥэ буолуохтун! Үөрүү-
    көтүү үктэллэниҥ, санаабыккыт сатаннын,
    толкуйдаабыккыт тобулуннун, баҕарбыккыт туоллун!
    Маргаритка Борисовнаҕа ийэтигэр улахан сүбэ-
    ама, көмө буоларын иһин - улахан махтал.
    Махталлаах истээччи - Наталия Петровна
    Николаева.
    Байанай ыйа 4 күнэ 2024 сыл.
    Дьокуускай куорат. 🎊🎊🎊🎉🎉🎉🌹🎈🌸🌷💐😍🥰😘