Светлана Диодорова-Лаврентьева: киһиэхэ уустук түгэҥҥэ истиҥ сыһыан олус наада
ฝัง
- เผยแพร่เมื่อ 1 ธ.ค. 2024
- Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Биир кэлим координационнай киинин бэрэстэбиитэлэ Светлана Диодорова-Лаврентьева Улус.Медиа-ҕа ыалдьыттыыр.
Светлана дьиэ кэргэнэ көҕүлээн байыаннай дьайыыга сылдьар эбэтэр онно эчэйбит биир дойдулаах байыастарбытыгар бу сыллар устата үгүс көмө оҥоһулунна. Көмө элбэх хайысханан ыытыллар. Ол курдук, аһынан, таҥаһынан, наадалаах сэбинэн-сэбиргэлинэн хааччыйыы, булуу-талыы, тиэрдии, сураҕа суох сүппүтү көрдөөһүн, дьиэ кэргэттэргэ уйулҕа үлэһиттэрин сүбэтэ, докумуону оҥотторуу, сөргүтүү уо.д.а. буолар. Бу барыта элбэх киһи биир сомоҕо буолуутун туоһута.
Аһаҕас кэпсэтиини видеоҕа көр.
Ис сурэхтэн Махтал ❤🙏
Кылгас ычалаах дьон толкуйдара кэмчи онно санааҕытын наһаа ууруман.Сорох ырааҕы толкуйдаабат дьон билигин балаһыанньа хайдаҕын да билсибэт.,сэҥээрбэт.
Олус да истин санаалаах, кэрэ дууһалаах дьиэ кэргэн баара ,олус да олохпутун киэргэтэр. Бу ыарахан кэмҥэ ис сүрэхтэн тардыһан туран көмө буола сылдьаргыт киһини долгутар,харах уута суох киһи истибэт кэпсэтиитэ.Оҕолорбут чугас дьонноох сэргэлээх буолан олоххо тардыһыылара күүһүрүө,санаалара көнүө турдаҕа.Ис сүрэхтэн сүгүрүйэн туран махтанабын.
Билигин ханна бааргытый?билсиэххэ син дуо?