Айыы кыыһа Айыына - Итэҕэл төрдө биһигиттэн тахсыахтаах.

แชร์
ฝัง
  • เผยแพร่เมื่อ 22 พ.ย. 2024

ความคิดเห็น • 75

  • @katerina6093
    @katerina6093 8 หลายเดือนก่อน +4

    Дьону булкуйан бутун эрэ, аан бастаан бэйэгит уунун🙌

  • @МарианнаМоисеева-т7с
    @МарианнаМоисеева-т7с 7 หลายเดือนก่อน +10

    Эдэр омукпут дииригэр сөбүлэспэтим. Төттөрүтүн түҥ былыргы омукпут

  • @useruser-cf9dp
    @useruser-cf9dp 5 หลายเดือนก่อน +2

    Биhиги сахалар эдэр омукпут -диэн сыыhа ейдебулу ыытыма, Тун былыргы омук буолан сайдан ,тахсан кэллэхпит. Ону итэгэйэбин🙏Ол иhин муударайбыт,айылгабыт да ону биhигиттэн ирдиир. Ебугэлэрбит тиэрдэ сатыыллар,талааннаах дьон ненуе.🙏🙏🙏

  • @АнтонинаВасильева-й1п
    @АнтонинаВасильева-й1п 8 หลายเดือนก่อน +10

    Махтал.Эдэр киһи көрүүтэ киэҥэ сөхтөрөр.Саха омук итэҕэлэ сүр күүһэ иһилиннэ..❤

  • @Алтан-ц7й
    @Алтан-ц7й 7 หลายเดือนก่อน +10

    Былааһы сиилиэ суохтаах сиэрдээх киһи диэн этэрэ өйдөммөт. Сиэрэ суох былааһы сиэрдээх киһи дьэ утарыахтаах буоллаҕа.

  • @УстиньяСаввина
    @УстиньяСаввина 8 หลายเดือนก่อน +9

    Махталларын наьаа Учугэй Биэрии.Айыы Кыыһа Айыына-Дьоннун Сайыннаран иьэрин- Олус Махталлаах.😊❤Бары Үтүөнү.

  • @Sargy_geolog
    @Sargy_geolog 8 หลายเดือนก่อน +5

    Махтал! Ылынарбын ылынным❤

  • @ИринаДьячковская-щ6г
    @ИринаДьячковская-щ6г 8 หลายเดือนก่อน +5

    Айыы кыыһа Айыынаҕа ,махтал.
    Үчүгэй ,сырдык ыраас биэриигэ.😊

  • @АннаАлексеева-в8п
    @АннаАлексеева-в8п 5 หลายเดือนก่อน

    Олус сепке этэр. Религиялар биир Итэ5эли араас еттуттэн керуу. Махтал❤

  • @Евгенияходулова
    @Евгенияходулова 7 หลายเดือนก่อน +1

    Улэхитин иьин,махтал буолуохтун!🙌🙌🙌☺️

  • @ЛюбаПриходько-у5ш
    @ЛюбаПриходько-у5ш 8 หลายเดือนก่อน +7

    Бу итэҕэлгэ ыҥырар үөрэххитин наһаа сыаналаамаҥ, харчы төлөөн элбэх киһи кэлбэтэ буолуо дии саныыбын, элбэх киһи үөрэниэн баҕардаххытына сыаналаах гынымаҥ диэн санаабын этэбин, аны итэҕэл дьиэтин маннык көрөбүн холобур санааҕа ылларан дуу мунаахсыйан дуу сороҕор киһи уоскуйа сатыырыгар ол итэҕэл дьиэтигэр тиийэн уоскуйан кэлэр дьиэтин курдук көрөбүн эмиэ киириитэ босхо
    Чэ быһаччы таҥара Дьиэтин курдук.

  • @ЕгорШарин-э4я
    @ЕгорШарин-э4я 7 หลายเดือนก่อน +2

    Сахалар кэлии омук буолбатахпыт. Сах саҕаттан киһи аймаҕы тарҕаппыт омукпут.

  • @uraanaokunai474
    @uraanaokunai474 6 หลายเดือนก่อน +4

    Генетиктэр: саха омуга олус древняй омук, ол иһин сахаларга эрэ көстөр 5 (ду?) генетич. ыарыы баар - дииллэр.
    Оннооҕор хааҥҥытын эдэр омук (нуучча, немец) хаанынан саҥардыҥ диэн сүбэлииллэр эбит.
    Итини өссө перестройка саҕана, хотуннан-соҕурууннан араас балыыһалары, институттары кэрийэн, генет. ыарыылаах оҕотун эмтэтэ сатаабыт ийэ кэпсээн соһуппута.
    Наука этэринэн нуучча омукка быраат буолбакка убай эбиппит.
    Оҕо дьонун истэн саҥарарга үөрэнэр.
    Ол курдук, эдэр омук кырдьаҕас омук тылын хайдах истэринэн, тыла хайдах өҕүллэринэн уларытан ылан илдьэ сылдьар, туттар.
    Нуучча тыла 30% сахалыы - тюркизм.
    Тормоз - туора мас,
    Талант - талан ылбыттара - избранный,
    Кремль - күрүөлэммит сир,
    Штаны - ыстан, акка ыстанан таҕыс. Хоту тымныы сир олохтоохторо бастаан ыстааннаннахпыт.
    Өс - закон
    Аан эриллиик өс.
    Эриллиик - религия,
    Аан эргийиик - энергия.
    Бө Аҕа - Бог
    Русский - уруу уус (былыр биһиги курдук, күҥҥэ, уокка сүгүрүйэллэрин иһин уруурҕаан ааттабыппыт. Билигин, ол итэҕэллэриттэн тобоҕо, православнай храмнарга чүмэчи эрэ хаала сылдьар)
    уо.д.а.

  • @Иванов-м3с
    @Иванов-м3с 8 หลายเดือนก่อน +10

    АЙЫЫ ХААН АЙМАҔА
    КҮН УЛУУҺУН ДЬОНО муҥутуур эдэр омук буолбатах

  • @ЯнаЭренбург-н8я
    @ЯнаЭренбург-н8я 8 หลายเดือนก่อน +4

    👋Аламай күн сыламынан! Нөрүөн нөргүй! Махтал! Таптал! ❤ Ил-эйэ 🕊️ Үчүгэй күннэртэн биирдэстэрэ үүммүтүнэн!

  • @ЕкатеринаГабышева-ш7к
    @ЕкатеринаГабышева-ш7к 5 หลายเดือนก่อน

    Сиэр диэн, мин өйдүүрбүнэн, киһи ис культурата буолар.

  • @Brotella
    @Brotella 7 หลายเดือนก่อน +1

    Мин ытыктыыр ойуунум Хара таала , кини киһи ауратын ыраастыыр бөҕөргөтөр хараны халбарытар кини быдан элбэҕи билэр уонна өйдөнүмтүө гына быһаарар .

    • @AlexAlex-oe1gv
      @AlexAlex-oe1gv 6 หลายเดือนก่อน

      Үнтү бардьыгынаан итэҕэттэҕэ дии харатаала . Шизофрениктэри итэҕэн уһун сонномокун .

    • @ТатьянаЛопатина-х9х
      @ТатьянаЛопатина-х9х หลายเดือนก่อน

      ​@@AlexAlex-oe1gv😂😂😂 уот харахха эппиккин унту бардьыгынаан диэн😂😂😂

  • @ТатьянаПротопопова-щ1в
    @ТатьянаПротопопова-щ1в 8 หลายเดือนก่อน

    Араас ейдебул баар буоллун ээ , дэлби ырытан меккуьэн биир ейдебулу Ьаха булуо❤

  • @ДарияКириллина-ь8ц
    @ДарияКириллина-ь8ц 7 หลายเดือนก่อน +2

    Айыынаҕа махтал, бэйэҥ билиигин үллэстибиккэр❤ тахсыыны, тапталы

  • @АннаХастаева-д9э
    @АннаХастаева-д9э 7 หลายเดือนก่อน +3

    Эдуард бэйэтэ дириҥ сэрэйиилээх, өйдөбүллээх эбит
    диэн санаа эрэ хаалла кэпсэтииттэн…

  • @РусланФедоров-з5т
    @РусланФедоров-з5т 8 หลายเดือนก่อน +17

    Даа элбэхтик муна һылдьар оҕо дьахтар эбит, өссө да үөрэниэн наада. Ол гынан баран араас омук итэҕэлин ырытан буолбатах. Кинигэннэн үөрэнэрэ эмиэ һыыһа. Һаха буолла да билиэхтээх киһи куйаары кытта көхсүнэн, арҕаһынан һитим тутар, дэлэҕэ өбүгэлэрбит этэн кээһиэхтэрэ дуо, Көхсүттэн көнтөстөөх, Арҕаһыттан тэһииннээх Айыы аймаҕабыт диэн. Уонна киһи кута түөһүнэн көтөр, өллө да тута арахсар, ол иһин киһи өллө да тута дууһата көттүн диэн бордууһунаны, түннүгү аһаллар. Дьахтар яичныгар ийэ кута һуох буолар, эр киһи һиэмэтэ ийэ куттаах буолар. Ол куйаартан кэлэр. Ол иһин былыр былыргаттан дьахтары Адам ойоҕоһуттан оҥорбуттара диэн этэлллэр атын омуктар, онтон һаха дьахтар киһи буолбатах дииллэр, дьахтар эр киһи һыһыарыыта диэн этэллэр. Ону токкуйдааҥ тоҕо өбүгэлэрбит итинник этэллэрин. Һаха итэҕэлэр былыргы итэҕэл ханнык да итэҕэл үөскүөн инниттэн баар итэҕэл. Кондаков итэҕэлэ диэн һыыһа этэр Кондаков былыргы итэҕэли һөргүтээччи, тилиннэрээччи диэн ылыныллыахтаах, Кондаков үлэлэрин үөрэттэҕинэ һатаныыһы, атын итэҕл гиэнин үөрэтэн баран бэйэ гиэнин аахайбат буолуу һыыһа, хайдах ойун итэҕэлэ дии һылдьыахха һөбүй.

    • @Brotella
      @Brotella 7 หลายเดือนก่อน

      Альхамдулилях 🤲

    • @ЭльвираУгапьева-н8ь
      @ЭльвираУгапьева-н8ь 7 หลายเดือนก่อน

      Хайа

    • @AlexAlex-oe1gv
      @AlexAlex-oe1gv 6 หลายเดือนก่อน

      Кондаков көннөрү киһи сымыйанан ону маны суруйдаҕа тугу билиэй аба хомуһуна суох сылдьан ойуунcуйбута буола сылдьыбыт киһи.

  • @ЕленаБорисова-г8л
    @ЕленаБорисова-г8л 5 หลายเดือนก่อน

    Үтүө күнунэн!
    Бу аныгы дойду аныгы киҺитэ,сүрдээх үчугэйдик кэпсиир,билиитэ көрүүтэ да элбэх,айылзалаах кыыс,олус үчүгэйдик кэпсиир,махтал,таптал,эрэл.

  • @ЧопчуйаанаГаврильева
    @ЧопчуйаанаГаврильева 7 หลายเดือนก่อน +2

    Эдэр киһи саҥалыы Итэҕэли ырытара истэргэ кэрэхсибиллээх. Итэҕэлгэ наһаа хайдыһыы, арахсыы тахсыбытын сөпкө өйдөөн көрбүт. Саха Итэҕэлэ үксэ билигин оҕо остуоруйатын сказкатын санатар буоллаҕа. Үрдүк Итэҕэлгэ дьиҥнээх итэҕэл философията олохтоно, өйдөнө илик. Кырдьаҕастарбыт бары догматтар үксүн, эдэрдэр өссө Итэҕэл сүнньүн үөрэтэ иликтэр. Догматтар элбэхтэрэ атахтыыр. Онтон Истина баар уонна ону дьоннор ситэ үөрэтэ, өйдүү иликтэр. Итэҕэл үксүн Кут Сүр сөпкө таҥылларын ситиһэ сатыыр буоллаҕа. Киһи кутун-сүрүн сөпкө таҥыныахтаах, бу Куйаар сокуоннарын сөпкө өйдөөн уо д а, уо д .а.

  • @АйталинаТолстоухова-и8я
    @АйталинаТолстоухова-и8я 8 หลายเดือนก่อน +2

    Наьа учугэйдик кэпсиир махтал🙌🙏

  • @lidiaatomy
    @lidiaatomy 7 หลายเดือนก่อน +2

    Мин биири билиэхпин ба5арабын, ону биирдэ эмэ Айыл5алаах киьини ыныран кэпсэттэххинэ ыйытыан дуо? 🙏то5о аймахха ким эбит аннараа дойдуга барда5ына, хайа эрэ бириэмэ5э или хас эмэ сылынан аймахтарыгар, о5рлоругар, сиэннэригэр сана о5о кун сирин корор, даже о5оломмокко сылдьыбыт дьон биир эбит чугас киьилэрэ суох буолла5ына дьэ о5олоноллор эбит ди, итини билиэхпин ба5арабын, то5о оннук буоларын, элбэх Айыл5алаа5ы истэбин да ким да5аны кэпсээбэт

    • @uraanaokunai474
      @uraanaokunai474 6 หลายเดือนก่อน

      "Сахаларга ананар" ютуб каналга Бырдыка сиэнэ Ээ Дуо Аар кэпсиир:
      Саха аҕыйах, ол иһин биир саха оннугар саҥа саха кэлэр.

  • @user-ov5gr6mr5b
    @user-ov5gr6mr5b 4 หลายเดือนก่อน

    Саха тыла сыппаан(, элбэх киирии тыллары сыыһа туттар буоламмыт истэргэ наһаа ыарахан. Кинигэ аахпат буолан хаалбыппыт тылбыт баайа мөлтөөн сахалыы толкуйбут эмиэ мөлтөөбүт.

  • @lec1262
    @lec1262 8 หลายเดือนก่อน +4

    Сиэр - правила диэн курдук. Сиэрдээх буол - правильнай буол. Сиэргэ барыта киирэр туттарбыт хаптарбыт, сахалыы санарабыт, Саха буоларбыт, эйгэ, өбүгэ ситимэ, традиция итд. Сыыьа халты туттубат гына уорэтии - сиэр туом баар. Итэ5эл сахаларга - Киһи бэйэтиттэн саҕалаан, өбүгэлэрэ, иччилэрэ, харысхаллара, араҥаччылара, араас таҥаралар уонна үс сири тутан турар Үрүҥ Аар Тойон. Саха итэҕэлэ аан бастаан үөскээбит ол иһин тыллар маарыҥнаһаллар атын омугу кытта. Ол кэннэ атын омук итэҕэллэрэ үөскүүр.

  • @АленаДмитриева-ф1ш
    @АленаДмитриева-ф1ш 8 หลายเดือนก่อน +3

    Киһи алҕас саҥарарын маныыр сыыһа дии саныыбын Сүрүнэ д дьоҥҥо,тулалыыр эйгэтигэр мөкунү оҥороро кутталлаах Алы гыныҥ,биһиэхэ,сахаларга ,дьону саба саҥарар мөкү быһыы баар

  • @Tupsuuna2023
    @Tupsuuna2023 8 หลายเดือนก่อน +4

    Итэҕэлбит туһунан эмиэ туспа өйдөбүлү соҥнооччу эбит.

  • @ИмяФамилия-о5п4с
    @ИмяФамилия-о5п4с 8 หลายเดือนก่อน +3

    Былаас утары барыа суохтааххыт диэн эппитэ элбэги биллэрдэ. Проект эбит. Пять джи игин диэн саха итэгэлигэр туох да сыьыана суох. Ткм более нвк канал былаас карманнай сми та.

  • @Комрад28
    @Комрад28 5 หลายเดือนก่อน

    Айыы кыыһа Айыына үгүс санаатын кытта сөбүлэһэбин, махтал. Айыы Таҥара диэн нууччалыы Творец эбэтэр Создатель буолар. Бу Орто дойдуга дьон үксэ Айыы Таҥараҕа үҥэр. Ол да буоллар ону үксэ өйдөөбөт:- биһиэнэ сөптөөх, эһиэнэ сыыһа, наар биир таҥараҕа үҥэ сылдьар эрээрилэр. Сахалар христианство инниттэн Айыыга үҥэллэр этэ, ол иһин сиэрдээх норуот этэ. Ону христианствонан бутуйаннар, бэйэтин сиэрин сүтэрэ сыыспыта. Дьиҥинэн Иисус сөптөөх сиэрдээх үөрэҕи аҕалбыта. Ону баайдаахтар, өҥөлөөхтөр бу үөрэҕи бэйэлэрин тустарыгар түбэһэр гына, библияны суруйбуттара уонна атыннык законнары ылыммыттара. Айыы Таҥара иннигэр ханнык баҕарар киһи тэҥ бырааптаах, ол эбэтэр оҕолуун да, кырдьаҕастыын да, эр киһи да дьахтар да. Бу дойдуга төннөн кэлэр буоллаххына эр киһи да эбэтэр дьахтар да буолуоххун син. Онтон кэлэн баран дьахтар буоллаххына эбэтэр эр киһи, ол оруолларын сөпкө толоруохтааххын. Эн бэйэҥ манна кэлэргэр талбытын, ону толоруохтааххын. Төптөрү оҥоруо суохтааххын. Онтон Айыы иннигэр бары тэҥмит. Сахалар биһи итэҕэлбит саамай сөп диирбит сыыһа. Бары биир Таҥараҕа үҥэбит. Онон бу Орто Дойдуга биир Айыы тыыннаах, Айыы тапталлаах уонна күүстээх Айыы дьонноро буолабыт.

  • @МарфаПопова-щ4ъ
    @МарфаПопова-щ4ъ 5 หลายเดือนก่อน

    Олус үчүгэй биэрии, истиҥ баҕайытык кэпсиир, үксүн ылынабын, сөпсүһэбин, махтаал.

  • @Лалала-м4э
    @Лалала-м4э 8 หลายเดือนก่อน

    Ил Эйэ❤

  • @СаргыланаОбутова-ю4ы
    @СаргыланаОбутова-ю4ы 3 หลายเดือนก่อน

    Эдэр нация эбиппит дооо

  • @АйаалИванов-й2т
    @АйаалИванов-й2т 8 หลายเดือนก่อน +4

    Аныгыс эфиргэ Хара Тааланы ыҥыраарыҥ.

    • @AlexAlex-oe1gv
      @AlexAlex-oe1gv 8 หลายเดือนก่อน +2

      😂Бардьыҥыныы -бардьыҥыныы Саха буолун сахалыы ааттаныын диэҕэ ону истээри гынаҕын дуо?

    • @ТатьянаЛопатина-х9х
      @ТатьянаЛопатина-х9х หลายเดือนก่อน

      😂😂😂

  • @НатальяПетрова-ф4г5ш
    @НатальяПетрова-ф4г5ш 8 หลายเดือนก่อน +2

    Айыы кыыһа Айыына үөрэххин ханна истэбин , ааҕабын ? Хамаандаҕар киириэхпин баҕардым .

  • @xaachylaana
    @xaachylaana 8 หลายเดือนก่อน +6

    Итэҕэл - Вера.
    Итэҕэл үөрэҕэ - религия.
    Саатар маны билбэт эбит.
    Ити кэпсиир омуктара итэҕэллээхтэрэ билэллэр: Саха - Древний Народ, дииллэр.
    Якут - молодой народ, без веры, без языка, без имени, дииллэр.
    Психологтар кэпсииллэрин сахалыы тылбаастаан кэпсиир дии.

    • @АннаАфанасьева-н9и
      @АннаАфанасьева-н9и 7 หลายเดือนก่อน +2

      Саха итэҕэллээх киһи кута-сүрэ тостубат, бэйэтэ охтон, сүтэн биэрбэт.
      Саха өбүгэлээх тугу барытын сатыыр, кыайар, хотор.
      Саха тыла иччилээх, тугу күүскэ баҕарбыта, алҕаабыта ол туолар.

    • @АннаАфанасьева-н9и
      @АннаАфанасьева-н9и 7 หลายเดือนก่อน +1

      Якут-Итэгэлэ суох, кута-сюрэ суох

    • @uraanaokunai474
      @uraanaokunai474 6 หลายเดือนก่อน

      ​@@АннаАфанасьева-н9и Нууччалар Ийэ Куттаахтар диэн якут диэбиттэр.
      Ийэ кут - якут

  • @АленаМихайлова-щ1г
    @АленаМихайлова-щ1г 2 หลายเดือนก่อน

    Саха норуотун тумэр уерех буолбатах, саха ыалын дьонун тептерутун ыьар, сиэрэ суох туохха да наадыйбат кына онорон дьон ейун ытыйар уерех. Оголорун дьоннорун дьиэлэрин бырагаттаан кэбиспиттэр бу «уереги» батыспыт акаарылар! Бу чуечени под суд ыытыахха наада вообще, биитэр психиатрга принудительно кердеттере. Эьиги редактордар сотторун бу видеону, хас суус аамай ейе ытыллыа биллибэт мантан сылтаан.

  • @AlexAlex-oe1gv
    @AlexAlex-oe1gv 6 หลายเดือนก่อน +3

    Историяны билбэт буолан баран тоҕо сымыйанан Чингис хаантан төрүттээхпит диигин Чингисхан бэҕэһээнҥэ дылы тохур саабылатын тутан баран лапти атах таҥастаах нууччалары үнтү сыспыта. Буряттар байкалтан кэлбиттэрэ сахалар төрүкү олохтоох омук. Хата эн котенкаҕа киирэн көрдөрүнүөн этэ..

  • @АленаМихайлова-щ1г
    @АленаМихайлова-щ1г 2 หลายเดือนก่อน

    Бу маннык дьону интернет ненуе онно-манна уеретер булкуйар дьону бастатан туран психиатрическай экспертизага ыыталыыр сокуон тахсара буоллар наьаа да учугэй буолуо этэ.
    Бар дьонум, истибиккитин кербуккутун барытын итэгэйэн иьимэн, дэлби буккуллан хаалыаххыт, ол кэриэтэ лучше баран улэлээн-хамнаан сайдан ого-тереен ууьаан киьи сиэринэн сылдьыаххайын, бу информация олоххутугар туьалаабат, ас-танас агалбат. Сиэргэ бу уерехтере ыраагынан да сыьыана суох, таах киьи ейун ытыйыы, истин суолтан туоратар аналлаах дии саныыбын!

  • @ДарияКириллина-ь8ц
    @ДарияКириллина-ь8ц 7 หลายเดือนก่อน +1

    Айыына, контаккын хантан булабыт?

  • @ИгорьНохсоров
    @ИгорьНохсоров 4 หลายเดือนก่อน

    сперва на земле были белые люди , но они плохо адаптированы нашей суровом климате, потом начели создоват другие расы более адаптированных к суровым климатом земли

  • @РАДИСЛАВБАГЫНАНОВ
    @РАДИСЛАВБАГЫНАНОВ 7 หลายเดือนก่อน +2

    ЭТЭН,Н,Э БУОЛУН, БААР СУОХ САХА ДЬОНО!!!БУ БАЛТЫКААММЫТ АН,ААРЫН НУУЧЧАЛЫЫ КЭПСИИР ТО5О...АЙЫЫ О5ОТО ОТТО САП САХАЛЫЫ САН,АРЫА ЭТЭ БУО....

  • @SaaraDan
    @SaaraDan 7 หลายเดือนก่อน

    😂

  • @roxie4707
    @roxie4707 5 หลายเดือนก่อน

    Биһиги сахаларга религия диэн суох. Религия диэн организация, структура, чаще политическай значениялаах. Например, буддистарга Ламалар жойдуну салайаллар, мусульманнарга аятоллалар эмиэ дойдуну салайаллар. Биһиэнэ итэҕэл именно, итэҕэл диэн вера, политикаҕа, обществоҕа сыһыана суох. Ону өйдөөбөттөр дьоннор. Религияны уоскэтэр буоллаххына религиознай сокуоннар наадалар, религия дьиэтин аннынан иерархия наада, ол эбэтэр саамай үрдүк дуоһунастаах киһи ол аннынан кыччаан барар үлэһиттэр, ол кэннэ олор этиилэрин быһа толорор званията, чина суох үлэһиттэр. Аны ону сөбүлээбэт дьон хайдыһыыны тардаллар, туспа ответвления буолаллар, бэйэ-бэйэлэрин кытта сэриилэһэллэр, уохсэллэр, онтон аны атын итэгэллээхтэри саба баттыы сатыыллар, ити туохха нааданый?

  • @ВераСмирникова
    @ВераСмирникова 8 หลายเดือนก่อน +1

    Дорооболорун. Онтон КС тереебут о5о5о хайда5ый?

  • @ЛюбаПриходько-у5ш
    @ЛюбаПриходько-у5ш 8 หลายเดือนก่อน +1

    Эһиэхэ сыыгынас тыас иһиллэр дуо ? Истэргэ мэһэйдиир эбит

    • @nikolaypopov9603
      @nikolaypopov9603 8 หลายเดือนก่อน

      Иһиллэр, мэһэйдиир тугу эрэ шливопкалыы сылдьаллар, чуумпу сир көстүбэтэх быһылаах

    • @kuuhar_kuttaax
      @kuuhar_kuttaax 8 หลายเดือนก่อน

      Махтанабын ❤

  • @alexandracheryomkina7686
    @alexandracheryomkina7686 6 หลายเดือนก่อน

    Ейденер гына кэпсиир. Истэн бара турабын.. Хаста да истэбин.. Элбэги биллим. Сайда тур.. Билсиэхпит

  • @николайнаумов-ч8ъ
    @николайнаумов-ч8ъ 3 หลายเดือนก่อน

    Итого саха итэ5э тугуй?... Не понятно быьаарар

  • @AlexAlex-oe1gv
    @AlexAlex-oe1gv 8 หลายเดือนก่อน +4

    Чэ- чэ сыбыс сымыйанан хомуһуна да суох буолан баран ону- маны айбыта буолуман.

  • @Степан-ч3ю
    @Степан-ч3ю 6 หลายเดือนก่อน

    Сахастан диэн государство .баар эбит былыр согуруу персия диэкки сахалар кыргысидэлээх оиуктар эбит ол иьин кыргыллан хоту ууруллэн кэлбиттэр !!!