Зоя Петровна, Александр Прокопьевич Яковлевтар
ฝัง
- เผยแพร่เมื่อ 5 เม.ย. 2024
- Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Хоро нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, «Гражданскай килбиэн» мэтээл хаһаайына Яковлев Александр Прокопьевич уонна Саха республикатын тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ил түмэн грамотатын уонна кыһыл көмүс чаһыы хаһаайына, Хоро нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Яковлева Зоя Петровна үлэ, олох дьаһах туһунан сэргэх сэһэннэрин сэргээн истэргитигэр ыҥырабыт.
Подписываемся на моем канале: / @titovich
Олох биллэттээбэт дьонум да истиэххэ үчүгэй баҕайы. Тыа дьоно барахсаттар былыр былыргыттан үлэһиттэрэ оҕолорун иитэлээн атахтарыгар туруоран үлэһит буолан бу кэпсии олордохторо 👍.
Кинигэ суруйуон сөп эбит. Сири дойдуну , дьону да билэрэ элбэх эбит.
Зоя Петровна,Александр Прокопьевич ,кэпсээҥҥитин биир тыынынан көрдүм,үлэ бөҕөнү үлэлээн кэлбит дьоҥҥут.Дьон бөҕөнү түмэн үлэлэтэн ,үлэлээн хамсаан кэллэххит,уруккуну элбэҕи иһиттим биллим . Дьоллоох доруобай буолуҥ,сиэннэргит үөрдэ көтүтэ сырыттыннар.
Наһаа да үчүгэйдик кэпсээтигит киһи истэн олоруох курдук элбэҕи билэҕит доруобай буолуҥ Зоя Саша