мне мама тихо говорила

แชร์
ฝัง
  • เผยแพร่เมื่อ 1 ม.ค. 2025

ความคิดเห็น • 3

  • @НадеждаКарюк-п8ъ
    @НадеждаКарюк-п8ъ 4 ปีที่แล้ว +2

    Классная песня!!! И поют хорошо...!

  • @slavkaatanasova4416
    @slavkaatanasova4416 3 ปีที่แล้ว

    Любима!

  • @ДмитрийЧа5аан
    @ДмитрийЧа5аан 3 ปีที่แล้ว

    Мне мама тихо говорила
    Перевод на Саха (ҺАХ)
    Перевёл Чаҕаан. 𐰱𐰍𐰤
    Махтал айбыт Айыыларга
    Махтал миэхэ олох биэркэр
    Үрүҥ күнмэр доҕотторбор
    Мин олохпор барыта баар
    Сүрэхтэн тахсар үтүө тылбын
    Саталаахтык санарарбар
    Махтал айбыт таҥарабар
    Махтал буоллун олох биэркэр
    Оҕо үөрүүлээх үрдүк халламмар
    Сирбэр уоппар дьиэлэммиппэр
    Муннук сирдэнэн ойохтонон
    Бур бур манна олорорбор
    Махтал эйиэхэ Үрүҥ Айыыбар
    Махтал миигин үөскэппиккэр
    Күннээҕи дьолбор үтүө санааҕар
    Ыарахаттары туораабыппар
    Эн үөрэргэр айхаллыыргар
    Өрүү онтон дьоллонорбор
    Махтал өрүү таҥар айыыбар
    Махтал куруут киниэхэҕэ
    Оҕо үөрүүлээх үрдүк халлааммар
    Дьиэлэх уоттаах ийэ сирбэр
    Төрүт буорбар ойохтоохпор
    Онтон дьоллоох олохтоохпор
    Махтал буолуохтун Аар Айыыга
    Махтал миэхэ олох биэркэр
    Сырдык күммэр доҕотторбор
    Бары бааргыт мин олохпор
    Сүрэх баҕатын туойарбыттан
    Айымньылаах тыллаахпыттан
    Бу олохпор олоробун
    𐰱𐰍𐰤 .Чаҕаан
    От слов Ильи Резник
    Мне мама тихо говорила
    Перевод на Саха (ҺАҔ)
    Перевёл Чаҕаан. 𐰱𐰍𐰤
    Ийэм аргыый ыйыппыта:
    "Тоҕо дьиэҕин эн умуннуҥ?"
    Үрдүк мындаа дьолун көрдөөн,
    Онно сатаан мин тиийбэтим.
    Буруй сүгэн төннөн кэллим
    Мунаах уолгут, мунаах уолгут.
    Ийэм сэмээр сүбэлиирэ:
    "Доҕотторгун эн умнумаар?"
    Алы-гын миигин ийэкээним,
    Уһун түүннээх ыраах сиргэ,
    Сылайдахха суохтуур этим
    Доҕотторбун, мин айаммар.
    Ийэм миэхэ сэрэппитэ:
    "Ойоххун бука хомотума?"
    Кэрэ дьахтар аралдьытан,
    Буруйдаахпын мин ийэкээм.
    Эрдэ олохпор айыыланан
    Эргилинним, дьэ дьүөгэбэр
    Ийэм арыт этэр этэ:
    "Ырыаҥ тылын умнаайаҕын?"
    Алхас ийээ атын тылга,
    Атын ырыаҕа ыларбыппын.
    Тылым туома кыра хаалбыт
    Миэхэ ырыаҥ, сорох тыла
    Ийэм аргыый ыйыппыта:
    "Тоҕо дьиэҕин эн умуннуҥ?"
    Үрдүк мындаа дьолун көрдөөн,
    Онно сатаан мин тиийбэтим.
    Буруй сүгэн төннөн кэллим
    Мунаах уолгут, мунаах уолгут.
    𐰱𐰍𐰤 .Чаҕаан