ҮӨРЭТЭР ДЬОҔУС ФЕРМА / АЙДЫН АТЕ УСТУУТА

แชร์
ฝัง
  • เผยแพร่เมื่อ 10 ก.พ. 2025
  • ҮӨРЭТЭР ДЬОҔУС ФЕРМА / АЙДЫН АТЕ УСТУУТА
    «Тыа сирэ - омук олоҕун силиһэ-мутуга, омук олох олорор, тыыннаах хаалар күүһүн, симэһиннээх чөчөгөйүн уолбат ойбоно» диэн мээнэҕэ этиллибэт. Ол курдук, тохсунньу 26 күнүгэр Одунуга бэлиэ күн үүннэ. Бүгүн «Горнай улууһа» МО көҕүлээһининэн «Маҕарас агрооскуолата» тыа хаьаайстыбатын потребительскай кооператива, Л.Н. Харитонов аатынан Маҕарас орто оскуолата уонна «Агроэксперт» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ бырайыактарынан «Учебная мини-ферма» үөрүүлээх арыллыыта буолла.
    2024 сыллаахха «Горнай улууһа» МО тус өйөбүлүнэн 10-13 төбөгө мини ферма арыллар бырайыага оҥоһуллубута. Ол курдук, күн бүгүн 200 кв.м иэннээх аныгылыы бырайыактаах хотон үлэҕэ киирдэ. Томскай уобаластан 13 айширскай боруода ынахтар кэлэн, 11 ньирэй этэҥҥэ төрөөтүлэр. СХППК «Горный Ас» тэрилтэ айшир ынахтар ууттэрин атыыга таһааран, үлэ бара турар.
    Вконтакте: aidynate
    Телеграм: t.me/+UB3mwLsd...
    Канал сайдарыгар бу сигэнэн киирэн көмөлөһүөххүн сөп доҕор:
    www.donational....
    Эбэтэр мобильнай банк нөңүө курдаттыы миэхэ эмиэ ыытыаххын сөп:
    89142294419 (Сбер/Тинькофф/Альфа)
    Тэрилтэлэри уонна урбаанньыттары кытта үлэлииргэ бэлэммит. Сэңээрбит дьон миэхэ суруйун. Кэпсэтиэхпит🫱🏽‍🫲🏼
    Эбиитин Телеграм-ханаалбар суруттараар. Сонун, туһалаах сүбэ, ыйытыктар онно баар буолаллар:
    t.me/aidynate
    Уонна быһа биэриигэ миигин кытта киинэ көрүөххүн баҕарар буоллаххына Твитч-ханаалбар суруттар: / aidyn_ate . Тэҥҥэ ырытыахпыт, кэпсэтиэхпит.
    Чэ уонна комментарий хааллараргын, сүрэх баттыыргын умнума🫂
    Этэңңэ буол!
    #маҕарас #одуну

ความคิดเห็น • 34

  • @иваниванов-ь4ь4ы
    @иваниванов-ь4ь4ы 11 วันที่ผ่านมา +3

    Оҕолор маладьыастар👍 Үчүгэй баҕайы биэрии буолбут уопсайынан

  • @МиитэрэйЫстаркыап
    @МиитэрэйЫстаркыап 10 วันที่ผ่านมา +2

    Кытаат, Сахабыт Сирин туһугар маннык биэриилэри устан ис. Саха омуга сүөһүтэ суох эстэр.

  • @medvedumko
    @medvedumko 11 วันที่ผ่านมา +3

    Чуоккай ди, тыа сирэ, төрүт дьарык Тренд буолара👍 Махтал, бэрт биидьик буолбут.

  • @Евгения-в3н
    @Евгения-в3н 10 วันที่ผ่านมา +2

    Ма5арастарга Уруй айхал Дьэлиндэттэн❤

  • @BorisPetrov
    @BorisPetrov 11 วันที่ผ่านมา +2

    мэхээс корон уордэгэ🎉

  • @armeiseva35
    @armeiseva35 10 วันที่ผ่านมา +1

    Астык ❤

  • @ДианаДьячковская-м8ы
    @ДианаДьячковская-м8ы 11 วันที่ผ่านมา +1

    До конца көрбүт киһи краш хайдах буолуохтааҕын көрүөҕэ🔥🔥🔥

  • @АрианНазаров-м7и
    @АрианНазаров-м7и 12 วันที่ผ่านมา +5

    Привет 🤝 Да, есть "замануха" 😊 Другие улусы будут думать ещё кое-что лучше 😊 Народ Саха не угамонен🤨 Сельхозтехники... современные трактора... всякие техники как у Европейских ФЕРМЕРОВ... 😒 Да, было бы здорово 🤨 Да и солярка дороже выходит 😒 Надо больше благоустройство в деревнях 😒 Газ, Вода, дороги, мосты... туалеты должны в каждом доме унитазы... 😊 Кафешки, Парикмахерская, Пекарня, Овощехранилище... Даже Мини-мукомольная заводы 😊 И многое другое всё в маленьких деревнях должны быть... 🤨 Экономика должна работать самим жителям нести доходы 😒 Хоть продовайте в другие "регионы" рф🤨 Свой бренд ближе к телу 😊 Зделано в РЕСПУБЛИКЕ САХА... звучит гордо😊👍 А вось... времена изменяться и будете продовать свой товар за границей... 😊 Хоть где 😊 А так Народ САХА... не угамонный... найдет, придумает, создаст 😊🤝

    • @aidynate
      @aidynate  12 วันที่ผ่านมา

      Оннук 😊

    • @УйдараЯковлева
      @УйдараЯковлева 11 วันที่ผ่านมา +1

      Олус туһалаах, дьоһуннаах устуу буолбут. Махтал мааныта! Бу бырайыак тыа сиригэр оскуола оҕолоро төрүт дьарыкка сыстыыларыгар, хамсана, үлэлии үөрэнэллэригэр, үлэ кэмигэр тобуллаҕас толкуйдара сытыыланарыгар дьоһуннаах буолуо эбит. Одуну оскуолатын салалтата, улуус Аҕа баһылыга, өрөспүүбүлүкэ т/х миниистирэ бука бары кэскиллээх тэрээһиҥҥэ санааларын холбообуттара, саҥа саҕалааһын үтүө түмүктэрдээх буоларыгар олук уурар. Чахчы да, өрөспүүбүлүкэ атын оскуолаларыгар экспериментальнай площадка буолуохтарын сөп эбит. Дьоһуннаах идиэйэ. Оскуола үөрэнээччилэрин тус бэйэлэрин бородууксуйаларын атыыга таһаарбыттара хайҕаллаах. Үүнэ, сайда,чэчирии турдун тыабыт сирэ. Маннык туһалаах устуулары бар дьоҥҥор таһаараргар, өссө төгүл, махтал!

    • @aidynate
      @aidynate  11 วันที่ผ่านมา

      @ махтал

  • @РаисаЖиркова-щ7к
    @РаисаЖиркова-щ7к 11 วันที่ผ่านมา +1

    👍💯

  • @ДианаДьячковская-м8ы
    @ДианаДьячковская-м8ы 11 วันที่ผ่านมา +1

    Соҕотох ол көрөр киһи санаата тиийбэтэ, Данил Григорьев😅

  • @Василийновгородов231
    @Василийновгородов231 12 วันที่ผ่านมา +1

    Кэпсээн барыта плюс эрэ 😂

    • @aidynate
      @aidynate  12 วันที่ผ่านมา

      +++😂

  • @ПавелБорисов-ф8д
    @ПавелБорисов-ф8д 11 วันที่ผ่านมา +1

    дьулус туьунан киинэ тахсымаары гынна дуу

    • @aidynate
      @aidynate  11 วันที่ผ่านมา

      @@ПавелБорисов-ф8д аны 2-3 сыл кэтэьэҕит

    • @ПавелБорисов-ф8д
      @ПавелБорисов-ф8д 11 วันที่ผ่านมา

      @aidynate ооо

  • @Василийновгородов231
    @Василийновгородов231 12 วันที่ผ่านมา +5

    Расход отто кэпсээбэтэ ди
    Аьылыга дикай боло ди биир ынах
    Техника бохото наада боло ди
    Ону ол туга ьуох киьи хантан ылара буоллар

    • @aidynate
      @aidynate  12 วันที่ผ่านมา

      Масаха Мэхээскэ баар э👍🏻 Расходы начаас сабар

  • @rubberducky807
    @rubberducky807 11 วันที่ผ่านมา +1

    Чуоккай эрээри, в техническом плане устуу качествота мелтех со5ус буолбут киинэ устар киьи диэтэххэ) Без обид)) Как будто на андроид за 10к снимали)

    • @aidynate
      @aidynate  11 วันที่ผ่านมา +1

      @@rubberducky807 аа экшн камераҕа устабын ди барытын 🙌🏻 матрицата игин кыра 🙌🏻 Киинэ диэн киинэ 🤣

  • @golda9172
    @golda9172 11 วันที่ผ่านมา +1

    ас оьуобай ди

  • @крутойТуйгун
    @крутойТуйгун 11 วันที่ผ่านมา

    Онтон масаха ханнаный, ханна наадалаахха суох да.

    • @aidynate
      @aidynate  11 วันที่ผ่านมา

      @@крутойТуйгун үлэлии сылдьар

  • @vortep1944
    @vortep1944 11 วันที่ผ่านมา +1

    😄👍

  • @xxMaZeratti
    @xxMaZeratti 12 วันที่ผ่านมา +3

    Какой "хотон арыллыыта"?! Где "таас-боотур" еманарот 🤔 коммены кетутумэ, куутэбин 😅

    • @aidynate
      @aidynate  12 วันที่ผ่านมา

      Хэхэ Таас Боотур улахан проект🙌🏻 Кэтэһин, аны 2 сылынан тахсара буолуо💪

    • @xxMaZeratti
      @xxMaZeratti 12 วันที่ผ่านมา +1

      @@aidynate "аны бу куьун" диэн 2сыл диэ. Чэ буоллун, олохпут да тургэтээтэ, неделя уже как 3 дня, год - как за полгода. Уьугуннараар, таьаараргар :)

    • @aidynate
      @aidynate  12 วันที่ผ่านมา

      @@xxMaZerattiбатта 🙌🏻

  • @Прохор-т9я
    @Прохор-т9я 11 วันที่ผ่านมา

    ньукулааскы диэн этин ди отто то5о айдын диэн буоллун

  • @Прохор-т9я
    @Прохор-т9я 11 วันที่ผ่านมา

    ньукулааскы диэн этин ди отто то5о айдын диэн буоллун